Киир

Киир

Бэҕэһээ 22.00  чааска Арыылаах нэһилиэгиттэн 3 км-дээх сиргэ ойуур баһаарын булбуттар. Сарсыарда тустаах пресс-сулууспалар нэһилиэнньэлээх пууннарга туох да куттал суох диэн суруйбуттара.

Онуоха бүгүн 13:45 чааска уот Аччыгый Ботуобуйа үрэҕи үөһэнэн туораан нэһилиэккэ киирбит. Бассаабынан дьулаан көстүүлээх хаартыскалар, уһулуулар тарҕаннылар. Онно этиллэринэн, хайыы үйэ алта дьиэ уокка былдьаммыт. Уоту умуорууга ооннооҕор дьахталлар уонна кырдьаҕастар таҕыстылар диэн кэпсииллэр. Нэһилиэнньэни көһөрүү эрдэ былааннамматах курдук. Арай «Орленок» лааҕыр оҕолорун көһөрбүттэрин туһунан суруллар.

Бүгүн Арыылаахха Мииринэйтэн уу түһэрэр бөртөлүөтү, Дьокуускайтан  БЕ-200 cөмөлүөтү ыыппыттар. Көтөр ааллар уот нэһилиэккэ киирбитин кэннэ биирдэ көппүт курдуктар. Мантан сиэттэрэн, эрдэттэн биллибит баһаар дьон олоҕор, дьиэтигэр-уотугар кутталы үөскэтиитэ туохтан таҕыста диэн ыйытыы үөскүүр.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар