Киир

Киир

Саха сиригэр биир күн иһигэр 1570 га иэннээх сиргэ 15 ойуур баһаара тахсыбыта бэлиэтэннэ. Аммаҕа, Өймөкөөҥҥө, Нерюнгрига уонна Эбээн-Бытантайга тахсыбыт тыа баһаардарын умуллардылар. Оттон Үөһээ Бүлүүгэ, Тааттаҕа уонна Уус Майда оройуоннарыгар тахсыбыт 4 баһаары салгыы тарҕамматын курдук тохтоттулар. Саҥа ойуур баһаардара Алдан, Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Нерюнгри, Өймөкөөн, Томпо уонна Уус Майда улуустарыгар көһүннүлэр.

От ыйын 29 күнүнээҕи туругунан, эрэгийиэҥҥэ уопсайа 149 521 га иэннээх сиргэ 107 ойуур баһаара баара биллэр. Былырыын баччаларга 1,4 млн. га сиргэ 147 тыа баһаара баар этэ. Саха сирин Экологияҕа, айылҕаны туттууга уонна тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Андрей Коноплев иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи кэмҥэ 25 ойуур баһаарын уонна сирдээҕи умайыыны умулларыыга миэрэлэр ылыллыбыттар. Балартан алта баһаар уустук суоллаах-иистээх, тэйиччи сиргэ баар уонна хонтуруолланар.

«Баһаардары умулларыыга 1320 киһи кыттар. 128 тиэхиникэ үлэлиир. КЧС быһаарыытынан 136 326 га иэннээх сиргэ 82 баһаары умулларыы үлэтэ тохтоон турар», - диэн Коноплев иһитиннэрэр.

Ааспыт суукка иһигэр Уус Майда улууһугар түөрт МИ-8 уонна икки БЕ-200 уоту кытта охсуһууга туруммуттара. Бүгүн былыттаах буолан, Ан-26 «Циклон» зондировщик эбэтэр Як-42 үлэтэ былааннанар. Оттон Мииринэйгэ БЕ-200 үлэлиэхтээх.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар