Киир

Киир

Суукка иһигэр биир даҕаны саҥа тыа баһаара тахсыбата. Алта умайыыны салгыы тарҕамматын курдук тохтоттулар. Алдан, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Мииринэй, Нерюнгри, Томпо, Уус Алдан уонна Өймөкөөн улуустарыгар баар 10 тыа баһаарын умуллардылар. Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар билиҥҥи туругунан 81 ойуур баһаара умулла илик, оттон былырыын баччаларга 178 баар этэ.

«Тыа баһаардарын умулларыыга 1131 киһи уонна 98 тиэхиникэ үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа баһаарын кутталын сезона саҕаланыаҕыттан 504 тыа баһаара таҕыста, былырыын бу кэмҥэ 1339 ойуур баһаара баар этэ», - диэн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрэр.

Билиҥҥи туругунан, Алдан, Үөһээ Бүлүү, Таатта, Ньурба, Хаҥалас уонна Уус Майда оройуоннарыгар үрдүкү кылаастаах тыа баһаарын куттала ааһа илик.  

Санатар буоллахха, Хабаровскай кыраайга уонна Саха сиригэр федеральнай таһымнаах Ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллэн турар.

 

Санааҕын суруй