Киир

Киир

Бэҕэһээ Уус Майда оройуонун Элдьикээн бөһүөлэгэр тыатааҕы киирбит уонна олохтоох дьахтарга саба түспүт. Нэһилиэк баһылыга Александр Бороздунов кэпсииринэн, эмсэҕэлээбит дьахтар этэ-сиинэ көҕөрбүт, тас таҥаһа хайа барбыт. Маныаха, тыа модьу кыылын суһаллык тохтото охсубуттар.

«Тыатааҕы баппаҕайынан дайбаабыт уонна таҥас курдары тиийиэр диэри таарыйбыт. Көстөрүнэн сибикилэтээтэххэ, эһэ кырдьаҕас уонна ыарытыйар эбит. Бэйэтин эйгэтигэр сылдьар кыаҕа суох буолан, нэһилиэккэ киирэн аһылыгын булунарга санаммыт буолуон сөп. Быһылаан бөһүөлэк кыһыл лииньийэтигэр буолла», - диэн Бороздунов кэпсиир.

Кини этэринэн, үөдүйбүт быһыыны-майгыны хонтуруоллуу диэн оройуоннааҕы айылҕа ресурстарын уонна тулалыыр эйгэни харыстыыр инспекция үлэһиттэрэ суһаллык кэлэ охсон, бэрэбиэркэни ыыппыттар уонна тыа кыылын өлөрүү биричиинэтин туһунан акт толорбуттар.

Источник: sakhahunter телеграмҥа ханаала

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар