Саха сиригэр “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн, РФ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн, тэйиччи сытар нэһилиэктэр олохтоохторугар анаан, «КАМАЗ» базаҕа 14 мобильнай комплекс профилактическай осмуотуру уонна диспанзеризацияны ыытар.
Көһө сылдьар мобильнай комплекстар Алдан, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан, Алдан, Хаҥалас, Чурапчы, Ленскэй, Уус Майда уонна Үөһээ Дьааҥы оройуоннарын киин балыыһалар истэринэн үлэлииллэр.
«Мобильнай комплекстар сүрүн соругу толороллор – тэйиччи сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга хаачыстыбалаах мэдиссиинискэй өҥөнү оҥороллор, бэл, пациеннар оройуоннааҕы балыыһаҕа айанныыртан босхолонуохтара», - диэн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээн этэр.
Көһө сылдьар мобильнай комплекстар толору мэдиссиинискэй тэриллэринэн уонна нэһилиэнньэҕэ диспансеризацияны ыытарга толору хааччыллыылаахтар. Массыыналарга тонометр, электрокардиограф, гемоглобины, глюкозаны уонна холестерины быһаарар автоматическай анализатор, спирометрия уонна пульсоксиметрия аппарааттара, стетоскоп, киһи үрдүгүн уонна ыйааһынын бэрэбиэркэлиир тэриллэр, кольпоскоп, суһал мэдиссиинискэй өҥөнү оҥорор укладка, эми-тому угар холодильник уо.д.а. бааллар. Маны сэргэ, электроннай көрүҥүнэн туох баар мэдиссинискэй докумуоннары толорорго аналлаах көмпүүтэрдээх үлэлиир миэстэлэрдээх.
«Көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплекс сүрүн үчүгэй өрүтүнэн биир тиийиигэ соҕотох фельдшер дуу, участковай терапевт дуу буолбакка, анал хайысхалаах элбэх испэсэлиис үлэлиирэ буолар», - диэн Саха сирин Доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева сырдатар.
Ол курдук, атырдьах ыйын 1 күнүттэн 5-с күнүгэр диэри Ньурба оройуонун балыыһатын быраастара Күндээдэ, Маар уонна Дьаархан нэһилиэктэригэр тиийэн үлэлээбиттэрэ. Кинилэр мобильнай биригээдэлэригэр хирург, отоларинголог, кардиолог, невролог, УЗИ бырааһа уонна сиэстэрэлэр үлэлээбиттэрэ. Манна барыта холбоон 121 киһи мэдиссинискэй осмуотуру ааспыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата сырдатыытыттан