Киир

Киир

Кырыымҥа "Саки" аэродромугар бэҕэһээ дэлби тэптэриилэр буолан, олохтоохтору уонна сынньана сылдьар дьону куттаатылар. Тутатына, үгүстэр Украина байыаннай күүстэрэ саба түһэн, атаакалаан эрэллэр диэн дьаарханнылар. Ол эрээри, бүгүн РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, "Саки" аэродромҥа харалла сыппыт авиационнай снарядтар детонацияттан, ол эбэтэр бэйэлэрэ итийиилэриттэн сылтаан эстибиттэр эбит. 
 
«"Саки" аэродромҥа, 15:20 ч. Новофедоровка нэһилиэнньэлээх пуунугар, авиационнай сэрии сэптэрэ-сэбиргэллэрэ итийии түмүгэр дэлби эһилиннилэр... Аэродромҥа баар биир даҕаны авиационнай тиэхиникэ алдьаммата", - диэн биэдимистибэҕэ быһааран эппиттэр. Бу туһунан "РИА Новости" саайт суруйар.
Онно даҕатан эппиттэринэн, "аэродромҥа сэрии сэбин-сэбиргэлин сытыарар сиргэ биир даҕаны умайыылаах дьайыы оҥоһуллубатах". Ол эбэтэр, тастан мэһэйдэһии, саба түһүү суох эбит. Гынан баран, буолбут быһылааны билигин даҕаны чинчийэллэр.
WhatsApp Image 2022 08 10 at 11.25.54
 

Санааҕын суруй