Киир

Киир

Саха сирин суһал ыстаабын киинэ иһитиннэрэринэн, авиациянан уонна куйаарынан кэтээн көрүү түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэбит тыатын пуондатыгар ааспыт суукка иһигэр саҥа тыа баһаара тахсыбатах. Суукка иһигэр 43 003 га иэннээх сиргэ 13 тыа баһаарын умуллардылар.

СӨ Экологияҕа миниистирэ Андрей Коноплев иһитиннэрэринэн, Алдан, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Нерюнгри, Өлөөн уонна Уус Майда оройуоннарыгар тыа баһаардарын тохтоттулар. Өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа күн саҕаланыаҕыттан 202 007 га иэннээх сиргэ 24 тыа баһаара баара биллэр, оттон былырыын баччаларга 4 мөл га иэннээх сиргэ 168 ойуур тыа баһаара күүдэпчилэнэр этэ. Миниистир этэринэн, умулларыыга 589 киһи уонна 20 тиэхиникэ көрүҥэ үлэлиир, оттон баһаарга куттал сезона саҕаланыаҕыттан, Сахабыт сиригэр 504 645 иэннээх сиргэ 513 тыа баһаара тахсыбыт (былырыын - 5 941 664 га иэннээх сиргэ 1412 ойуур баһаара баара биллэр этэ).  

«Уус Майдаҕа былыттаах халлаан туран, АН-26 зондировщик сөмөлүөт үлэлиэхтээх. Маны сэргэ, буруо суох буоллаҕына уонна үчүгэй халлаан турдаҕына, бу сиргэ БЕ-200 сөмөлүөт үлэлиирэ күүтүллэр», - диэн Андрей Коноплев быһаарар.

Орто Халымаҕа тахсыбыт ойуур баһаарын тохтотоннор, сотору бу оройуоҥҥа ыксаллаах быһыын-майгы режимин тохтотуохтара

 

Санааҕын суруй