Киир

Киир

Атырдьах ыйын 15 күнүн сарсыардатааҕы туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 69 693 га иэннээх сиргэ 11 ойуур баһаара баар. Олус курдук, Уус Майда, Орто Халыма, Өймөкөөн, Томпо, Өлүөхүмэ уонна Аллараа Халыма тыалара умайаллар. Уус Майда уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 53 705 га иэннээх үс ойуур баһаарын умулларыыга үлэ барар.
Айылҕа төлөнүн кытта 541 киһи, олортон 484-дэ - парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ, 52-тэ - тыа баһаарын сулууспатын үлэһиттэрэ, 5-һэ - олохтоох дьон. Маны сэргэ, 8 тиэхиникэ үлэлиир.
Маны таһынан, эрэгийиэннээҕи суһал ыстаап дааннайдара көрдөрөрүнэн, Өлүөхүмэ оройуонугар 7 га иэннээх сиргэ биир ландшафтнай баһаар күүдэпчилэнэр.
 
«Былырыын баччаларга уопсайа 4,5 мөл. га иэннээх сиргэ 163 тыа баһаара баара биллэр этэ", - диэн суһал ыстаап киинэ иһитиннэрэр.

Санааҕын суруй