Киир

Киир

АХШ урукку бэрэсидьиэнэ Дональд Трамп билигин улахан сойуолаһыыга, туоратыыга сылдьар. Ол курдук, ФБР үлэһиттэрэ кини дьиэтигэр дьэҥдьиир оҥорон “судаарыстыбаннай суолталаах кистэлэҥ докумуоннары илдьэ сылдьар эбит, ону өссө кимиэхэ биэрбитэ биллибэт” эҥин диэн буруйдуу сатыыллар. Быһата, демократтар Трамп Үрүҥ Дьиэҕэ төннүбэтин ситиһиэхтэрин баҕараллар. Трамп да бэриммэт. Кини бу күннэргэ “АХШ Сэбилэниилээх күүстэрэ Афганистантан куотан баралларыгар былырыын 85 млрд суумалаах, аан дойдуга саамай бастыҥ сэрии сэбин талибтарга хаалларан барбыттара – АХШ устуоруйатыгар саамай кыбыстыылааах, сааттаах уонна ньүдьү-балай дьыала. Ол хомолтолоох” диэн дойду билиҥҥи бэрэсидьиэнэ – Дональд Трамп – оҕуруотугар тааһы тамныыр. Чахчы да, АХШ аармыйата Афганистантан улахан ыксалынан куоппутун түмүгэр, талибтарга 48 бүтүн байыаннай сөмөлүөт уонна бөртөлүөт, элбэх сэрии сэбэ буор-босхо тиксэн хаалбыттара.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар