Киир

Киир

СӨ Борокуратуурата тохсунньу–от ыйдарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 7397 буруйу оҥорбуттарын иһитиннэрдэ. Ити ааспыт сылга тэҥнээтэххэ, 2% кыччаабыт. Уопсайа 23 улууска уонна куоракка буруйу оҥоруу аҕыйаабыт. Мэлдьи буоларын курдук, буруйу оҥоруу аҥаара (49,2%) киин куораппытыгар тиксэр. Ол эбэтэр, Дьокуускайга 7 ый иһигэр 3638 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.

Уопсайа 368 ордук ыар буруй тахсыбыт. Ол иһигэр – 56 өлөрүү, 37 киһи доруобуйатын улаханнык айгыратыы түмүгэр эмсэҕэлээччи суорума суолланна.

Маҥнайгы миэстэҕэ киһи баайын-дуолун апчарыйыыга сыһыаннаах буруйу оҥоруу турар – 3637 (49,2%): 1854 уоруу, 1245 түөкүннээһин, 14 халааһын, 97 массыынаны күрэтии, 28 күүһүнэн күһэйии, 112 иҥэринии уонна үбү сиэһин.

Интэриниэтинэн уонна төлөпүөнүнэн буруйу оҥоруу былырыыҥҥыга холоотоххо, 8,6% түспүт – 477 төлөпүөнүнэн түөкүннээн харчы ылбыттар.

Быраабы араҥаччылыыр уорганнар 477 экэнэмиичэскэй уонна 123 хоруупсуйаҕа сыһыаннаах буруйу оҥорууну булбуттар.

Наркотигы эргитии улаата турар. Аҥаардас бу сыл сэттэ ыйыгар 302 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Сүрүннээн, Дьокуускайга наркотигы эргиммиттэр – 189 (62,6%).

Маны таһынан суол быраабылатын уонна тырааныспары ыытыыга ирдэбили кэһиигэ (Арассыыйа ХК 264 ыст.) сыһыаннаах буруйу оҥоруу 5,7 %-нан улааппыт – уопсайа 74 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Дьон суол саахалыгар өлүүтэ биллэ улааппыт – былырыын баччаларга 17 киһи суолга өлбүт буоллаҕына, быйыл 7 ый иһигэр номнуо 30 киһи суол саахалыгар өллө.

Маны таһынан арыгылаан баран уруулга иккистээн олоруу бэлиэтэнэр – 501 итирик суоппар тутуллубут.

Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара уонна кыттыһыылара 13,7%-нан кыччаабыт – 126 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Оҕолорго сыһыаннаах 453 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит, ити былырыыҥҥытааҕар 15,6%-нан кыра.

Былырыын 7 ый түмүгүнэн 884 дьахтар буруйу оҥорбут эбит буоллаҕына, быйыл 675 дьахтар тутуллубут, ити аата, 23,6%-нан кыччаабыт.

Биллэн турар, буруйу оҥоруу, сүрүннээн, арыгылааһын түмүгэр тахсар. Быйыл 2121 (44,3%) буруйу оҥоруу итириктээһинтэн тахсыбыт, ити былырыыҥҥыга холоотоххо 8,1% түспүт.

Ордук, итирэн баран уораллар (504), суол саахалын таһаараллар (423), охсуһаллар (соруйан дьон доруобуйатын айгыратыы) – 144, халыыллар (62), соруйан дьон малын суох оҥороллор (56), былаас бэрэстэбиитэлигэр саба түһэллэр (42).

Санааҕын суруй