Киир

Киир

Быйыл Арассыыйа эрэгийиэннэрин улахан аҥаардарыгар, билии күнүгэр, арыгы атыытын тохтотуохтара. Дьиҥинэн, федеральнай таһымҥа сокуон этэринэн, булгуччу балаҕан ыйын 1 күнүгэр арыгы атыыта тохтуохтаах диэн буолбатах эрээри, олохтоох былаастар бэйэлэрэ быраабылалары кытаатыннаран биэриэхтэрин сөп. Эспиэрдэр бэлиэтээбиттэринэн, сорох уобаластар сарсын күн аҥаарыгар диэри арыгы атыытын бобоору сылдьаллар эбит, ол эрээри, оруобуна бу кэмҥэ үрдүкү кылаас оҕолоругар уруоктара бүтэр.

Быйыл билии күнүгэр 47 уобалас, өрөспүүбүлүкэ уонна оптонуомунай уокурук арыгы атыытын тохтотуох буолбуттар, оттон былырыын 45 эрэгийиэн эбит. Холобурдаан этэр буоллахха, балаҕан ыйын 1 күнүгэр, арыгыны Адыгеяҕа, Башкортостаҥҥа, Бурятияҕа, Курскай, Кировскай уонна Ленинградскай уобаластарга атыылаабат буолуохтара. Бу туһунан Арыгы ырыынагын федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи чинчийиитин Киинин дааннайдара кэпсииллэр (ЦИФРРА). Испэсэлиистэр олохтоох былаастар иһитиннэриилэрин уонна олохтоох сокуоннары тутуспуттар.

Сорох сиргэ арыгы атыыта сарсын күнү быһа тохтуохтаах, атыттарга түүн, оттон сорох эрэгийиэннэргэ атыыны күнүс саҥардыахтара. Ол эрээри, дьон уопсай аһыыр сирдэригэр арыгы атыыта тохтотуллубат. Маннык бобуу Москубаҕа уонна Санкт-Петербурга суох эбит.

«Этиловай испиири судаарыстыбаҕа оҥорон таһаарыы уонна эргинии...» сокуонугар олоҕуран, Арассыыйаҕа сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго арыгы атыыламмат, маны сэргэ, үөрэх кыһаларыттан чугас уонна түүн 23 чаастан сарсыарда 7-ҕэ диэри испиирдээх утахтары атыылааһын бобуллар. Маннык хааччахтааһын федеральнай таһымҥа олоҕурар уонна бу сокуону бары эрэгийиэннэр тутуһуохтаахтар. Олохтоох былаастар буоллаҕына, быраабылалары кытаатыннаран биэриэхтэрин, холобура, ханнык эмит күннэргэ арыгы атыытын олох даҕаны бобуохтарын сөп.

Саха сиригэр балаҕан ыйын 1 күнүгэр арыгы атыытын тохтотуохха сөп эбит...

Сүрүн матырыйаал «Известия» саайтан туһанылынна

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар