Балаҕан ыйын 3 күнүгэр, «Аллараа Бэстээх-Алдан» маршрутунан айаннаан испит 15 кураанах вагон тимир суол ыллыгыттан туораата.
«Быһаарыллыбытынан, «Аллараа Бэстээх-Алдан» айаннаан испит таһаҕас тиэйэр 15 кураанах вагон тимир суол ыллыгыттан оҕунна. Киһи өлүүтэ уонна эчэйиитэ тахсыбата. 300 миэтэрэ уһуннаах тимир суол алдьаныыта баар», - диэн СӨ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтигэр биллэрбиттэр. Суол саахалын түмүгэр, «Благовещенск-Аллараа Бэстээх» дьону тиэйэн испит поезд тохтуурга күһэллибит. Манна олорсон иһээччилэри «Олень» тимир суол ыстаансыйатын икки оптуобуһунан Аллараа Бэстээххэ диэри тиэрдиэхтэрэ.
Билигин, Арассыыйа Илиҥҥи МСУТ силиэдэбэтэллэрэ быһылаан тахсыбыт биричиинэлэрин быһаарар үлэтин ыыталлар. Бэрэбиэркэ кэмигэр поезд локомотивнай биригээдэтин, тимир суол инфраструктуратын эбийиэктэригэр куттал суох буолуутугар эппиэтинэстээх, дуоһунастаах дьон үлэлэрин сыаналыахтара. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, процессуальнай быһаарыыны ылыныахтара.