Саха сирин суһал ыстаабын киинэ иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэбитигэр 618 киһи СOVID-19 ыарыйда:
- Дьокуускайга – 346 киһи,
- Алдаҥҥа – 31,
- Мэҥэ-Хаҥаласка, Хаҥаласка – 29,
- Намҥа - 23,
- Чурапчыга – 21,
- Мииринэйгэ – 17,
- Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа – 14-түү,
- Сунтаарга – 12,
- Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Тааттаҕа – 10-нуу.
Уоннааҕы оройуоннарга саҥа хоруона вируһунан сутуллуу 10 ахсаан иһинэн буолбут. Ыалдьыбыт дьон улахан аҥаардара ыарыыны чэпчэкитик аһарына сылдьаллар. Ол курдук, 600-н тахса ыалдьыбыт дьонтон 20-25 киһит\ балыыһаҕа киирэр эбит.
Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ омикрон уонна кини көрүҥнэрэ бааллара биллэр.
Хаартыска аһаҕас источниктартан ылылынна