Киир

Киир

Саха сирин суһал ыстаабын киинэ иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэбитигэр 629 киһи СOVID-19 ыарыйда, балартан 29-һа балыыһаҕа киирдэ, 654 киһи үтүөрдэ.

Дьокуускайга 346 киһи ыарыйда.

Оройуоннарга:

- Алдаҥҥа – 28,

- Мэҥэ-Хаҥаласка, Хаҥаласка – 27-лии,

- Намҥа - 23,

- Мииринэйгэ – 21,

- Чурапчыга – 20,

- Уус Алдаҥҥа – 17,

- Нерюнгрига – 14,

- Бүлүүгэ - 16,

- Сунтаарга уонна Үөһээ Бүлүүгэ – 13-түү,

- Ленскэйгэ – 10,

- Кэбээйигэ – 9,

- Аммаҕа – 8,

- Горнайга, Орто Халымаҕа – 6-лыы,

- Өлүөхүмэҕэ – 5-тии,

- Абыйга уонна Тааттаҕа – 4-түү,

- Муомаҕа уонна Уус Майдаҕа – 3-түү.

Биллэринэн, быһыыны ылбатах дьон ыарыыны ыараханнык аһарыналлар эбит.

Ол курдук, 600-н тахса ыалдьыбыт дьонтон 20-25 киһит\ балыыһаҕа киирэр эбит.

Санатар буоллахха, өрөспүүбүлүкэҕэ омикрон уонна кини көрүҥнэрэ бааллара биллэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар