Өрөспүүбүлүкэтээҕи Тырааныспар министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрэринэн, сэтинньи 3 күнүттэн, ПАО “ЛОРП” Һатай-Төхтүр хайысханан ледокол арыаллаах паром сырыытын саҕалыаҕа.
Иһитиннэриигэ тиэрдиллэринэн: «Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар, Төхтүр нэһилиэгэр, паром тиксэр кытылын уонна массыына айанныыр суолун өрө тардыыга үлэлэр бара тураллар».
Дьокуускай-Алын Бэстээх хайысханан Даркылаахтан сылдьар паром сэтинньи 1 күнүгэр үлэтин түмүктээтэ.