Бэҕэһээ Нам улууһугар айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ уонна булчуттар өйдөспөтөхтөрүн түмүгэр, кыра иирсээн тахсыбыта. Муус устар 25 күнүгэр тэлэбиидэнньэҕэ быһа эфир кэмигэр Айсен Николаев ол түгэни кэмэнтээрийдээтэ, булчуттары өйдүүргэ ыҥырда.
“Бүгүҥҥүттэн иитиэх куһунан булт саҕаланна. Мин бары эр дьоҥҥо ситиһиилээх булду баҕарабын. Ол гынан баран, бүгүн туох эрэ быһылаан таҕыста. Мин Экология министиэристибэтиттэн “өскөтүн быраабыланы кэһии баар буоллаҕына, накаастыырга, ол эрээри сезон саҕаланыаҕыттан дьону сордооботторугар (“не кошмарить”) көрдөстүм. Ити түгэҥҥи буулдьа сааны илдьэ сылдьыыга сыһыаннаах быраабыланы кэһии баар. Ол – өйдөнөр. Ол эрээри, дьон бултуур сиригэр эрдэ кэлбитин, биһиги өрөспүүбүлүкэбит уратытын өйдүөхтээхпит. Бултуур сиргэ диэри өссө айаннаан тиийиэххэ наада. Сорох түгэҥҥэ дьон күөл кытылыгар аҕыйах күн олороору, бултаары, айылҕалыын алтыһаары суукканы суукканан айаннаан тиийэр. Бу кэми кыһыны быһа күүппүппүт”, – диэн Айсен Николаев эттэ.
Санаттахха, Нам улууһугар айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ кус көҥүлэ саҕаланыан биир күн эрэ иннинэ бултуур сирдэригэр кэлбит эр дьон сааларын былдьаабыттара. СӨ Экологияҕа министиэристибэтин чахчыларынан, онно баар биир киһиттэн атын киһи аатыгар сурулла сылдьар буулдьа сааны туппуттара. Биэдэмистибэ бэрэстэбиитэллэрэ этэллэринэн, бултуур сиргэ сылдьыы син биир бултаабыкка тэҥнээх.