Биһиги кэмиттэн кэмигэр саайпытыгар тыа сириттэн сонуннары куйаар ситимиттэн булан таһаарааччыбыт.
Бу сырыыга Муома улууһун «Индигиир уоттара» саайтыгар «Дьикти хайалар» диэн таһаарыыга харахпыт хатанна. Биһиги ааҕааччыларбыт бу туһунан эмиэ биллиннэр, көрдүннэр диэммит, манна таһаарарга сананныбыт.
Муома айылҕатын дьикти көстүүлэрэ күннэтэ саҥаттан саҥа арылла тураллар. Бу күннэргэ куйаар ситимигэр норуокка "Дракон сымыыттара" диэн ааттанар хайа көстүүтүгэр түһэриллибит туристар хаартыскалара элбэх дьон болҕомтотун тарпыт.
Онуоха, Муома улууһун олохтооҕо К. Рязанская суруйбутунан, Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин дьаһалтатыгар тахсан ыйытыласпыттарыгар, тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Валентин Слепцов маннык быһаарбыт:
"Бу маннык хайа баарын оройуон олохтоохторо билбэт буолуохтарын сөп. Маннык дьикти хайаны сайын эрэ кэлэн көрүөххэ сөп, кыһыҥҥы суол атын сиринэн ааһар. Бу Антон каньона диэн ааттанар сиргэ табаһыттар сайылыыллар. Мин манна сылдьан буоллаҕа, Чыыстай олохтоохторо көрө үөрэнэн хааллахтара". Дьэ, ити курдук, биһиги төрөөбүт дойдубут дьикти көстүүлэрин билбэппит элбэх эбит. Хата оройуоммутугар туризм сайдан араас дьикти сирдэри билэн эрэбит. Бу хаартыскалары көрөн баран элбэх киһи дьикти көстүүлээх хайаҕа тиийэн селфилиэн баҕарда. Хаартыскалар автордарыгар @agilana08 махтал буоллун Муомабыт биир кэрэ көстүүтүн билиһиннэрбитигэр».
Дьэ, онон, аны сайын Муома улууһугар үгүс турист хаартыскаҕа көстөр дьикти хайалары көрө-истэ тиийэрэ буолуо диэн сабаҕалыыбыт.