Киир

Киир

Абаҕа сэлиэнньэтигэр сыл бүтүүтэ аныгы моһуоннаах амбулатория саҥа дьиэтэ аһыллыахтаах. Манна улахан дьоҥҥо да, оҕоҕо да суһал көмөнү оҥорорго ирдэнэр аныгы тэрил, үнүстүрүмүөн барыта баар буолуохтаах. 

Амма улууһун киин балыыһатын сүрүн бырааһа Михаил Архипов иһитиннэрбитинэн, саҥа амбулаторияҕа сүрэх дефибриллятора, тыҥаны салгылатар Амбу мөһөөччүгэ, Дьокуускайдааҕы сүрэх-тымыр ыарыыларын эмтиир диспансерга быһа холбонор ЭКГ-аппарат баар буолуо. Суһал көмөнү оҥорор кэбиниэти таһынан, манна акушерскай, процедурнай уонна смотровой кэбиниэттэр үлэлиэхтэрэ.

Амбулатория дьиэтэ модульнай буолан түргэнник тутуллар. Холобура, балаҕан ыйыгар кэлбит модуль үлэҕэ киирэргэ хайыы-сах 70% бэлэм. Сылааска уонна уокка холбоноро эрэ хаалбыт. Онон, сотору кэминэн олохтоохтор ыарыйдахтарын ахсын улуус киинигэр киирэр кыһалҕаттан босхолонуохтара.  

Санатан эттэххэ, «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн икки сыл иһигэр мэдисиинэҕэ туттуллар УАЗ массыынанан Амма улууһун биэс сэлиэнньэтэ хааччыллыбыта. Былырыын Соморсун уонна Алтан амбулаторияларыгар кэлбит буоллаҕына, быйыл Абаҕа уонна Сулҕаччы амбулаториялара уонна Амма поликлиникатын оҕо отделениета ыллылар.

Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата  

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар