Киир

Киир

Сэтинньи 11 күнүгэр Горнай улууһун Бэс Күөлэ нэһилиэгэр "Дьэҥкир Муус" үтүө санаа, аһымал аахсыйата ыытылынна.

Нэһилиэк хоһуун эр дьоно, бары биир санаанан салайтаран, быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, аҕам саастаах дьоҥҥо анаан муус ыллылар. Сарсыардаттан үлэ күөстүү оргуйда, “Дружба” эрбии эрчимнээхтик тыаһаата, мууһу таһаарыы, сааһылаан ууруу тохтоло суох ньиргиччи барда. Дэлэҕэ өбүгэлэрбит “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!” диэн бэргэн тылынан эттэхтэрэ!

2285b93d 98dc 4a55 919c 507af949010f 1

Күргүөмнээх үлэни иилээн-саҕалаан "Анык" ыччат түмсүүтүн салайааччыта Гуринов Дьулуур Николаевич, "Атамай хоһууннара" эр дьон түмсүүтүн салайааччыта Аввакумов Дмитрий Никонтович уонна нэһилиэк олохтоох дьаһалтатыгар үлэлиир эр дьон ыыттылар.

b943fc8d b949 4e58 b334 ba049d46f632

Махтал буоллун нэһилиэкпит эр дьонугар! Киһи дьоҥҥо үтүө сыһыана күн курдук өрүү сырдыгынан сыдьаайыа! Эһигинниин ситиһии эрэ эҥээрдэстин, эһиэхэ дьол-соргу тосхойдун!

Суруйда Валентина Яковлева