Сэбиэскэй кэмҥэ дойду үрдүнэн салайар-сирдиир оруолу ССКП Киин Кэмитиэтэ ылар этэ.
Оннук даҕаны буоларын быһыытынан, Барахов И.Н. Совнаркому салайан олорон, Обком секретара Пестун Е. Г. кытта Дүпсүн улууһугар тахсан 5-6 оҕолоох , 5-6 ынах сүөһүлээх ыал олоҕун үөрэтэн , ынахтан ылар бородууксуйатын аһылыгар туттар , тириитин таҥас гынар , кыратык ордорунан күннээҕи тирээн турар кыһалҕатыгар туттар диэн ааҕан-суоттаан баран, “Тыа сирин ыала аҥаардас айаҕын туһугар мөхсөр” диэн түмүк оҥорбутун уонна, бу тыа сирин үөрэппит түмүгэр олоҕуран, ол кэмнээҕи өрөспүүбүлүкэ бюджетын таҥарыгар туһаммытын туһунан суруйаллар .
Кырдьык, тыа хаһаайыстыбата барыыһа суох салаа буоларын бары билэбит.
Ордук бэйэбит кэтэх хаһаайыстыбатыгар сылгыны көрөр-истэр, сайын оттоон, оттотон, ороскуот көрсөн , кыһын ону кырата суох харчыга тиэйтэрэн аҕалтаран , күн өрөбүлэ суох кэтэх баайгын аһата түбүгүрэн баран, түмүгэр кытараан, кээһэн кураанах хааларыҥ элбэх буолар. Аны сылгы сүтэрэ, көлөттөрө эмиэ баар суол .
Сылгыны аҕалтарарга саамай чэпчэкитэ биир төбөҕө - 1 тыһыынча, 10 сылгыга - 10 тыһыынча. Кыһын аһылыкка киллэрэргэ эмиэ оннук төлөнөр. Дьиҥэр, бу саамай чэпчэки сөптөөх тариф буолар, атын сирдэргэ өссө ыараханнык киллэрэллэр дииллэр.
Билигин өссө сатабыла суох РФ сокуона таҕыста - ноһуом иһин ыстараап диэн.
Убаһа аны элбээтэҕинэ этэ атыыга аанньа барбат туруктаах. Биир убаһа тыыннааҕынан 40-50 эрэ тыһыынчаҕа турар. Оннук атыылаан орускуоккун даҕаны саптыбаккын.
Оннук түбэлтэҕэ бириэмэни төттөрү эргитэн, Исидор Никифорович Барахов "Тыа ынахтаах , сылгылаах ыала айаҕын туһугар мөхсөр" диэн оҥорбут түмүгэр төттөрү эргиллэн кэлэбит.
Арай Тыа хаһаайыстыбатын чинчийэр институт, айах кэпсээнигэр эрэ буолбакка, үчүгэйдик чинчийэн үөрэтэн, убаһа этигэр чахчы “Омега – 3” диэн холестерины аҕыйатар, доруобуйаҕа туһалаах битэмиин баар диэн Аан дойдуну интириэһиргэтэр гына дакаастыыра буоллар, төһөтүн да иһин, дьон уһуннук олоруон баҕаран атыылаһыа эбитэ буолуо.
Сэбиэскэй кэмҥэ Японецтар технологияҕыт, харайыыгыт мөлтөх диэн ылбаттар диэн кэпсээччилэр.
Билигин сайдыылаах үйэҕэ олоробут. Технологияны таба туһанан, убаһа этин батарыахпытын сөп эбитэ буолуо .