«Ыал пиэрмэтин сайыннарыыга субсидия быһыытынан граннары биэрии бэрээдэгин бигэргэтии туһунан» диэн 2021 сыл от ыйын 28 к. г. 267 №-дээх дойду бырабыыталыстыбатыгар уларытыыны киллэрэр уураах быйыл тохсунньу 26 күнүгэр тахсыбыт. Онно олоҕурар буоллахха, "Ыал пиэрмэтин сайыннарыы" федеральнай бырагыраама гранын усулуобуйата быйыл судургутуйбут. Ол туохха көстөрүн судургутук быһаардахха маннык:
1) Бу иннинэ куонкуруһу ааһан грант үбүн ылбыт бааһынай хаһаайыстыба өйөбүл 10 мөл. солк. аайы хайаан да 3 саҥа бастайааннай үлэ миэстэтин таһаарыахтааҕа. Быйылгыттан биир эрэ үлэһити ылар эбэһээтэлистибэлэнэр.
2) Куонкурус киритиэрийигэр өрөспүүбүлүкэ Арктика суонатыгар киирэр улуустарыгар үлэлээччилэргэ эбии баал ааҕыллар буолбут.
3) Грант үбүн туһаныахха сөптөөх хайысха кэҥээбит. Ол курдук, өйөбүл үп төһө эрэ өлүүскэтин муниципалитеттар бас билиилэригэр баар сиртэн тыа хаһаайыстыбатын аналыгар туттуллар сири атыылаһарга эмиэ туттуохха сөп буолбут.
Тутаах киритиэрийдэр уонна ирдэбиллэр оннуларынан хаалбыттар. Ол ханныктарын санатыһан ааһыаҕыҥ:
*Бааһынай хаһаайыстыба баһылыгын ааҕан туран, икки уонна онтон да элбэх чилиэннээх тыа сиригэр уонна өрөспүүбүлүкэ агломерацияларын сирдэригэр-уоттарыгар 12 ыйтан уһун кэм регистрацияланан үлэлии сылдьар ыал пиэрмэлэрэ, ол аата, КФХ-лар киирсэр кыахтаахтар.
*Куонкуруска киирсээри хаһаайыстыба сайаапка биэрэр кэмигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын батаран, дьоҕус (первичнэй) уонна бырамыысыланнай аһы-үөлү бэлэмнээһинтэн киллэриммит дохуота 900 тыһ. солк. аҕыйах буолуо суохтаах. Ол дааннай хаһаайыстыба 1-кы нүөмэрдээх «Информация о производственной деятельности глав К(Ф)Х – ИП» диэн халыыпка толорон, кэнники отчуоттаах (последний отчетный период) кэмҥэ туттарбыт отчуотугар олоҕурар.
*КФХ салайааччыта уонна чилиэнэ (салайааччыны ааҕан туран, иккиттэн итэҕэһэ суох чилиэн баар буолуохтаах) хайаан да аймахтыы дьон уонна хаһаайыстыба оҥорон таһаарыытыгар кытта сылдьар буолуохтаахтар.
* КФХ СӨ бүддьүөтүгэр төнүннэриэхтээх иэстээх түгэнигэр, онтун хойутааһына суох, кэмигэр төлөһө сылдьар буолуохтаах.
* Ону тэҥэ нолуокка, страховой усунуоска иэһэ суох, пени, ыстараап ааҕыллыбатах буолуохтаах.
* КФХ тыа сиригэр регистрацияламмыт кэмиттэн 24 ыйтан уһун кэм ааспатах буолуохтаах.
* Граҥҥа киирсээччи КФХ кэмиэрчэскэй тэрилтэ учредителэ буолуо суохтаах.
* Хаһаайыстыба үбүн-харчытын туругун ТХМ-ҥа отчуоттаабыт буолуохтаах.
* Аны, “своднай симиэтэ” отчуотугар ыйбыт, бачча үп туттуллуо диэн былааннаабыт кээмэйин 10 %-тан кырата суох өлүүскэтин хаһаайыстыба бэйэтэ хааччынар кыахтаах буолуохтаах.
Ыал пиэрмэтэ муҥутаан элбээбитэ 15 мөл. солк. диэри грант үбүн ылар кыахтаах.
*Грант үбүн туттуохха сөп:
- ПСД-ны (проектно-сметная документация) оҥорторууга , оҥорон таһаарыы эбийиэктэрин атыылаһарга, тутарга, тупсаран оҥорууга (реконструкция) уонна өрөмүөннүүргэ.
- ТХМ бигэргэтиитин ааспыт кэрискэҕэ киирсэр оҥорон таһаарыы эбийиэктэригэр туттуллар оборудование кэмпилиэгин, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна онно туттуллар анал тырааныспары атыылаһарга уонна ону мантаастыыр үлэҕэ.
* Куонкуруһу ааһан, грант ылар буолбут КФХ сирэй счётугар грант үбэ кэлэн түспүт күнүттэн 24 ый иһинэн ол үбүн булгуччу туһаҕа таһаарыахтаах.
Сайаапкалаһыах иннинэ КФХ биир бастакынан микропредприятие ирдэбилигэр эппиэттэһэрин-суоҕун чопчулаһыан наада. Ону таһынан салайааччыны аахпакка туран, саатар биир аймах хаһаайыстыбаҕа чилиэн буолуохтаах.
Маннык бырагыраама 2012 сылтан үлэлиэҕиттэн бааһынай хаһаайыстыба төрүтүгэр тэриллибит ыал пиэрмэтигэр бэриллэр граны Саха сириттэн 261 КФХ ылбыт. Онно уопсайа 1,4 млрд солк. туттуллубутун олохтоох ТХМ ыйар. О.э., грант үбүн ылбыт хаһаайыстыба аайы, ортотунан ыллахха, 5,4 мөл. солк. анаммыт. Оттон 2023 сылга бу сыалга 126,5 мөл. солк. ыытарга суоттаналлар.
БОЛҔОЙ: Докумуоннары хомуйуу саҕаламмыт!
Федеральнай “Ыал пиэрмэтин сайыннарыы” бырагырааматыгар киирсэн, анал куонкуруһу ааһан, грант ылыан баҕалаахтартан Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ докумуоннары тутууну саҕалаата. Сайаапкаҕытын кытта ирдэнэр докумуоннары бу дьыл кулун тутар 16 күнүгэр диэри тутуохтара. Туттумахтаһыҥ.
ТХМ-ҥа бэйэлэрэ сирэй кэлэн туттарыан баҕалаахтар Дьокуускай к. Курашов аатынан уул. 28 №-гэр, үлэ күннэригэр сарсыарда 9 ч. –18 ч. диэри 212 кэбиниэккэ тиийэҕит. 13 ч. –14 ч. диэри – эбиэт тохтобула. Ыйытыылаах, сүбэлэтэрдээх түгэҥҥитигэр 8(4112)506616 уонна 8(4112)506668 төл. эрийэн ыйыталаһыҥ. Интэриниэккэ ТХМ саайтыгар https://minsel.sakha.gov.ru/ киирэн, толоруллар докумуоннар халыыптарын билсиэххитин сөп.
Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА.