Саха сиригэр быйыл дьиэ кэргэн ферматыгар 126,5 мөл. солкуобай көрүлүннэ. Мантан 98,3 мөл. солкуобай – федеральнай бүддьүөттэн.
Фермалаах бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччыларыттан 67 сайаапка киирбит. "Дьиэ кэргэн фермата" грант 10 кэтэх хаһаайыстыбалаах ыалга бэриллибит. Кинилэр ынаҕы, сылгыны иитиигэ уонна хортуосканы үүннэриигэ туһаайыллыбыт бырайыактары олоххо киллэриэхтэрэ. Граҥҥа хапсыбыттар 6-тан 15 мөл. солкуобайга диэри үбү ыллылар. Ону сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, тырааныспар, тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар тэрили атыылаһыыга, тутууга ыыттылар.
Былырыын дьиэ кэргэн ферматын сайыннарыыга анаммыт субсидияны сэттэ улуустан 13 хаһаайыстыба ылбыт. Кинилэр 4,5-тэн 15 мөл.солкуобайга диэри үбү ылан туһаммыттар.
Сонун төрдө: СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.