Киир

Киир

Атырдьах ыйын 9 күнүттэн Япония Арассыыйаҕа массыына атыытыгар сааҥсыйата олоххо киирбитэ. Эспиэрдэр бэлиэтииллэринэн, ол түмүгэр дьоппуон туттуллубут массыынатын ырыынага 50% тиийэ түһүөҕэ. Сааҥсыйа испииһэгэр  ордук Уһук Илиҥҥэ киэҥник туттуллар Toyota Land Cruiser, Toyota Prius, Toyota Aqua, Nissan Note, Nissan Patrol, Toyota Camry, Mazda 6, Honda Fit Shuttle, Mitsubisgi Pajero, Toyota RAV4 уонна да атын массыыналар киирбиттэр.

Бастатан туран, бу сааҥсыйалар Уһук Илиҥҥэ уонна Сибииргэ ордук охсуулаах буолуохтара. Арай дьоппуоннар оннуларыгар аны кытайдар уонна соҕуруу кэриэйэлэр “кимэн киирэн” балаһыанньаны быыһыахтарын сөп. Күн бүгүн Дьокуускай ырыынагар оҕуруктаах өйдөөх кытайдар массыыналара атыыга номнуо бааллар.

Дойду таможняҕа сулууспата иһитиннэрэринэн, Арассыыйаҕа Кытай массыыната атыыга киириитэ бу сыл бастакы биэс ыйыгар 3 төгүл үрдээбит. Кытай  массыына оҥорор 27 хампаанньата дойду ырыынагар кимэн киирбит уонна бу сылга массыына 117 көрүҥүн аҕалыахтаах.

Сааҥсыйа тугу хаарыйда?

Атырдьах ыйын 9 күнүттэн Японияттан Арассыыйаҕа массыына экспордыгар саҥа быраабыла олохтонно, инньэ гынан күн тахсар дойдута 1,9 л кээмэйдээх мотуордаах массыыналары, электромобиллары, гибридтэри, вэннэри уонна таһаҕаһы тиэйэр массыыналары биһиэхэ киллэрэн атыылыырын тохтотто. Маны таһынан Япония бырабыыталыстыбата Арассыыйаҕа 758 бородууксуйа арааһын атыылыыры бобор испииһэктээх, ол иһигэр сиэмэн, гиипсэ, хиимийэ бырамыысыланнаһын бородууксуйата, яхталар, спортивнай суудуналар уо.д.а. киирбиттэр.

Арассыыйаҕа уҥа урууллаах 4 мөл. тахса массыына бэлиэтэммит. Уһук Илиҥҥэ онтон үс гыммыт биирэ сүүрэр.

Биллэн турар, сааҥсыйалары үһүс дойдуларынан (холобур, Кытайынан, Казахстанынан) нөҥүөлээн син биир киллэриэхтэрэ, ол түмүгэр сыана үрдүөҕэ. Бу сааҥсыйалар ордук Уһук Илин олохтоохторугар күүскэ дьайыахтара. Аны туран, аукциоҥҥа сыана бас баттах барда, онуоха солкуобай сууллуута охсубут. Инньэ гынан, көннөрү дьон массыына атыылаһара ыараабыт.

Эспиэрдэр "бу сааҥсыйа Япония экэниэмикэтигэр дьайыыта улахан" дииллэр. Дьоппуоннар Арассыыйаҕа массыына ырыынагын 3,5%-нын тутан олорбуттара.

Номнуо билиннэ

От ыйын ортотуттан Япония сааҥсыйа биллэрээтин кытта, массыына сыаната өрө куугунаан тахсыбыт. Оннооҕор Дьокуускайга дьоппуон эргэ-урба массыыналарын атыыта сыана үрдүүрүн кэтэһэн, тохтоон ылбыт. Ол иннинэ 600 тыһ. солк. атыылыыр массыыналара, билигин номнуо мөлүйүөҥҥэ тиийбит.

Сахалар массыынаны Владивостоктан сүүрдэн аҕалаллар. 1993 сылтан тэриллибит Владивосток саамай улахан авто-ырыынага “Зеленый угол” өссө от ыйыттан сыананы 100 тыһ. солк. саҕалаан үрдэппит, ону ааһан атыыга баар массыыналары атыылыыры тохтоппут – сыана өссө үрдүүрүн күүтэн олорбуттар. Атырдьах ыйыттан утилизация хомуурун сыаната үрдээбит. Бэнсииммит эмискэ 5 солк. ыараата, инньэ гынан билигин массыына сыаната эмиэ ону сырыста. Ол биһигинньиктэргэ – сатыы сылдьааччыларга – эмиэ улахан охсуулаах. Айан, такси сыаната биллэ үрдээтэ. Аны туран, балаҕан ыйыттан такси саҥа быраабылата киирэринэн (ИП, “самозанятай” эрэ дьон такси буолаллар), такси сырыыта өссө улаханнык үрдүө.

“Массыыната суох хаалыахпыт суоҕа”

Биһиги Кытай ырыынагын аттыгар баар “Лера” авто-ырыынакка бара сырыттыбыт. Ырыынак иһигэр массыына толору. Уонча атыылаһааччы хаамсар, атыылааччы да аҕыйах, кураанах массыыналар кэккэлэспиттэр. Александр диэн анаан-минээн Приморьеттан массыына, сапчаас булан аҕалан атыылыыр суоппары кытары кэпсэттибит:

– “Дьоппуоннар” барар да буоллахтарына, кинилэр оннуларыгар Кытай уонна Кэриэйэ массыыналара кэлиэхтэрэ. Массыыната суох ончу хаалыахпыт суоҕа. Бэйэбит да массыыналарбыт сыаналара сүрдээх ээ. Дьоппуоннар барахсаттар массыыналара абыраллаах. Сааҥсыйаҕа 1,9 л үөһэ мотуордаах массыыналар киирбиттэр. Оттон ол массыыналары үксүн тойоттор, бизнесменнэр, уопсайынан, харчылаах дьон ылаллар. Эн биир эмэ “Крузактаах” боростуой үлэһити көрбүтүҥ дуо? “Хайстар” эҥин хабылыннылар. Оттон таксилар бары “миллионниктар”, онон улуустарга айан сыаната эмиэ үрдүүрэ буолуо. “Пробокстаах”, “Суксидтаах” массыыналары сэнии көрөөччүлэр, “кырдьаҕастар, дэриэбинэлэр” диэн. Аны итинник күлүү гынан бүтэллэрэ буолуо – 2019 сыллаах массыыналар Владивостокка номнуо 1 мөл. 100 тыһ. – 1 мөл. 300 тыһ. солк. буолан тураллар, оттон манна кэллэхтэринэ, өссө үрдүөхтэрэ. Дьахталлар сөбүлээн сүүрдэр “Тойота Виш” 2012 сыллаах массыыналара 1 мөл. 300 – 400 тыһ. солк. буолан тураллар. 

Кытай массыыната сыаната сөп түбэһэр уонна пошлината чэпчэки эбитэ буоллар, дьоппуоннары үтэйбиттэрэ ырааппыт буолуо этэ. Билигин дьоппуон массыынатыттан дьон кыралаан аккаастанан эрэр. Мин бу аҕыйах хонуктааҕыта Владивостоктан кэллим. Дьокуускайга айаннаан иһэр массыыналар үксэ кэриэйдэр уонна кытайдар киэннэрэ. Кытай массыыната быһыытынан-таһаатынан, тас көстүүтүнэн баҕас киһи эрэ ымсыырар көлөтө. Оттон биһиги тыйыс тымныыбытыгар ити “кытайдар” хайдах сүүрэллэрэ эбитэ буолла? Биир бэйэм улаханнык саарбахтыыбын, тохсунньу тоһуттар тымныытыгар аара суолга тоҥон хааллахтарына да көҥүллэрэ. Онон Саха сирин суоппардара үөрэммиччэ, син биир дьоппуон эбэтэр кэриэй массыынатын талыахтара. Быдан эрэллээх буоллахтара. Арассыыйаҕа сабыс-саҥа Lada Grantа массыынаны 1 мөл. солк. кыратык тиийбэт сыанаҕа атыылыы олороллор.

OMODA  2,567 мөл солк., Geely Coolray — 2,582 мөл.солк.., Chery Tiggo 7 Pro — 2,715 мөл. солк., Haval F7 — 2,796 мөл. солк., Haval F7 X — 2,805 мөл. солк., Geely Atlas Pro — 3,065 мөл. солк., Chery Tiggo 8 PRO MAX — 4,041 мөл. солк., EXEED THL — 4,415 мөл. солк.

Арассыыйаҕа дилердии кииннэргэ сыана биир ый иһигэр ортотунан 200-300 тыһ. солк. үрдээн турар:

Мадьыал
Атырдьах ыйыгар дилердэргэ
саамай аччыгый сыана
Бэс ыйыгар дилердэргэ
саамай аччыгый сыана
Араастаһыыта
Hyundai Santa Fe
4 900 000 солк.
4 650 000 солк.
+350 000 солк.
Hyundai Bayon
2 700 000 солк.
2 500 000 солк.
+200 000 солк.
Volkswagen Bora
2 560 000 солк.
2 490 000 солк.
+70 000 солк.
Volkswagen Lavida Qihang
2 302 000 солк.
2 189 000 солк.
+113 000 солк.
Toyota Camry
4 700 000 солк.
4 000 000 солк.
+700 000 солк.
Toyota Avalon
4 590 000 солк.
4 350 000 солк.
+240 000 солк.
Kia KX3
3 200 000 солк.
3 050 000 солк.
+150 000 солк.
Kia K8
4 600 000 солк.
4 450 000 солк.
+150 000 солк.
Mazda CX-4
3 500 000 солк.
3 350 000 солк.
+150 000 солк.
Mazda CX-30
3 850 000 солк.
3 650 000 солк.
+200 000 солк.


CHERY киинигэр

Бүлүүлүүр аартыкка, Hyindai киинин аттыгар, былырыын баччаларга Chery диэн кытай массыынатын оҥорор тэрилтэ дилердии киинэ арыллыбыта. Аны онно ойутан тиийдибит.

Михаил, менеджер:

– Саха сирин суоппардара кытай уонна кэриэйэ автопромугар номнуо үөрэнэн эрэллэр, интэриэс улахан. Биһиэхэ күн аайы килийиэннэр тоҕуоруһан кэлэллэр. Төһө массыынаны атыылаабыппытын эҥин этэр кыахпыт суох – кэмиэрсийэ кистэлэҥэ. Биһиги күрэстэһээччилэрбит “кинилэр сыаналара наһаа улахан” эҥин дииллэр. Оннук буолбатах. Дьоппуон уонна Европа массыыналара ордук сыаналаахтар.

– Кытай массыыналара биһиги кыһыммытыгар соччо сөбө суохтар дииллэр дии...

– Биһиги былырыын атыылаабыт 40 массыынабыт туох да харгыһа суох кыһыны бэркэ сүүрэн кыстаабыттара.

– Оттон сапчаастара?

– Сапчаас чааһыгар баҕас туох да кыһалҕа суох. Биһиги эмиэ атыылыыбыт, сакаастаан да ылыахха сөп. Сакааһы икки нэдиэлэ кэриҥэ кэтэһэҕин.

Эчи, сыанатын!

Кытай уонна Кэриэйэ массыыналарын мээнэ киһи атыыласпат эбит. Дьоппуон массыынатын син атыылаһар эбит буоллахпытына (оннооҕор биир тэлгэһэҕэ иккилии-үстүү массыыналаах ыаллар эмиэ бааллар), кытай уонна кэриэй массыыналара дьиэ саҕа сыаналаахтар.

Кытай табаара барыта чэпчэки курдук саныыбыт. Ол эрээри массыына чааһыгар кытайдар киһи судургутук атыылаһар массыынатын оҥоро иликтэр эбит. Кыймаҥнас кытайдар бары массыына ыллахтарына, суоллара отой да туран хаалар кутталлаах. Ол иһин Кытайга да сэниэлээх араҥа эрэ атыылаһар. Арассыыйаҕа массыына атыытыгар баар ханнык да судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа кытай массыыната киирсибэт эбит. Арай субсидияҕа киириэн сөптөөх икки мадьыалы көрөллөр, онтубут 2 мөл. солк. чэпчэки сыаналаах массыыналар – Chery Tiggo 4 уонна Haval Jolion. Онтон атыттар бары 2 мөл. солк. тахса сыаналаахтар.

Күн-түүн сыана ыараан иһэр, сааҥсыйаларынан сылтаан уу нуурал олохпут огдолуйан иһэргэ дылы. Ырыынак сокуонунан, биир үрдээтэ да, сыап курдук бары-барыта салаллан, үрдээн иһэр.

Тимир көлөттөн түҥ былыргы курдук сыспай сиэллээхпитигэр соччо көспөт инибит диэн эрэнэ эрэ хаалабыт...

Дмитрий ИВАНОВ
бэлэмнээтэ.