Дьокуускайдааҕы үүт собуота саҥа бырайыактарын билиһиннэрэр
Бэс ыйыгар Дьокуускайдааҕы үүт собуота тэриллибитэ 90 сылын бэлиэтээбитэ. Дьоро түгэнинэн собуот бэйэтин бэтэрээннэрин, бастыҥ үлэһиттэрин, киин куорат оҥорон таһаарар биир сүрүн тэрилтэтин устуоруйатын тиспит дьонун чиэстээбитэ. Күн бүгүн собуот үлэтин күүһүрдэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар саҥа сонун этиилэри киллэрэн, ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу дьыл 8 ыйыгар 9 509 туонна үүт ас оҥоһуллубут. Ол ылыныллыбыт былаан 70 кэриҥэ бырыһыанын ылар.
Устуоруйаны таарыйдахха
ХХ үйэ саҕаланыытыгар үүт аһы оҥорон таһаарыы боппуруоһа өрөспүүбүлүкэҕэ сытыытык турбута, ханна даҕаны киэҥ кэпсэтии тахсара. 1933 сыллаахха Дьокуускайга үүт собуотун тэрийэн үлэлэтэргэ биир санааны ылыммыттара. 1933 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр саҥа тэрилтэ бородууксуйатын атыылааһыны саҕалаабыта. Производство былаһааккалара – тутар пуун уонна сууйар сир – Романовка уулуссатын 16 нүөмэригэр турар эргэ мас дьиэ икки хоһугар олохсуйбуттара. Тэрилтэ уонтан эрэ тахса үлэһиттээҕэ: дириэктэр (бэйэтэ үүтү тутара), маастар көмөлөһөөччүтэ, суотчут, харабыл уонна 3-6 тэхиниичэскэй үлэһит. Бастаан утаа үүтү илиинэн астыыллара. Сотору сэппэрээтэргэ көһөрөн, иэдьэгэй оҥорор буолбуттара. Собуот хара маҥнайгыттан үүтү, сүөгэйи, “сыалаах” уонна “курас” иэдьэгэйи, ууллубут арыыны, кэпиири, ууллубут сыыры, суораты уонна сыыр маассатын оҥорон таһаарыыга ылсыбыта.
Сахалыы бэйэ киэнэ
Сайынын бэйэ үүтүттэн оҥорон таһаарыы соруга турар. Куораттааҕы үүт собуота олохтоох бааһынай хаһаайыстыбалартан уонна урбаанньыттартан 20 туоннаҕа тиийэ үүтү тутар. 2023 сылга собуот, былаан быһыытынан, 2860 туонна үүтү атыылаһыахтаах. 2020 сылтан куорат таһынааҕы хаһаайыстыбалар Дьокуускайдааҕы үүт собуотун нөҥүө үүтү астааһыҥҥа судаарыстыбаннай субсидияны ылаллар. Быраактыка көрдөрөрүнэн, итинник дьаһаныы бары өрүккэ барыстаах. Үүт собуота үүтү тутар, оттон үүтү туттарааччы бары өттүнэн көмүскэллээх уонна хамнастаах. Күн бүгүн собуокка “Туймаада” экопиэрмэ уонна “Баҕарах” хаһаайыстыба сүрүн туттарааччы быһыытынан үлэлэһэллэр. Кинилэр собуокка 778 уонна 1225 туонна үүтү туттардылар.
Биирдиилээн бааһынай хаһаайыстыбалар эмиэ олус суолталаахтар. Собуот биир пууна Хатас бөһүөлэгэр үлэлиир. Бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри олохтоохтор сарсыарда 6 чаастан ыабыт үүттэрин үүтү тутар пууҥҥа илдьэллэр. “Дьокуускайдааҕы үүт собуотун кытта үлэлэспиппит хас да сыл буолла, – диэн кэпсиир Хатастааҕы үүтү тутар пуун сэбиэдиссэйэ Агафья Черноградская. – Бииргэ үлэлэһэрбититтэн үөрэбит, астынабыт. Бу кэм иһигэр биир санаанан үлэлээтибит. Үүтү туттарааччы харчытын харгыһа суох кэмигэр ылан иһэр. Ону тэҥэ балаһыанньаны өйдөөн, собуот окко киириигэ абаансаны биэрэр. Арыт эбии субсидия харчытын сыл бүтэһигэр диэри уһатыы тахсааччы. Оннук түгэҥҥэ собуот салалтата бэйэтин үбүттэн кэмигэр төлөһүүнү тэрийэр. Үүт собуотун кэлэктиибигэр ситиһиини баҕарабыт”.
Хаачыстыба мэлдьи бэрэбиэркэлэнэр
Дьокуускайдааҕы үүт собуота – үүтү астааһыҥҥа анал лиссиэнсийэлээх лабаратыарыйалаах өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох оҥорон таһаарааччы. Манна физика-хиимийэ, микробиологическай анаалыс бары көрүҥэ оҥоһуллар. Лабаратыарыйа икки салаалаах: тиэхиньикэ-хиимийэ уонна микробиологическай хонтуруол.
Собуокка үүтү астааһынтан саҕалаан бэлэм табаары суулааһыҥҥа тиийэ үлэ бары көрүҥэ киһи көмөтө суох оҥоһуллар. Анал тааҥкалар уонна турбалар саньытаарынай-тэхиниичэскэй нуормаҕа эппиэттииллэр. Ол бородууксуйа хаачыстыбатыгар биллэр.
2021 сылтан собуот бары бородууксуйата “Чиэһинэй бэлиэ” (Честный знак) национальнай систиэмэҕэ бэлиэтэнэр. Ол эбэтэр, табаар оҥоһуллан тахсыбыт сириттэн тиһэх атыылаһааччыга тиийэ судаарыстыба хонтуруолугар сылдьар. Атыылаһааччыга ити бэлиэ бородууксуйа дьиҥнээҕин уонна сибиэһэйин туоһулуур.
Үүнэр көлүөнэ доруобуйатын туһугар
Дьокуускайдааҕы үүт собуота тэриллибитэ 90 сылынан устуоруйа бэлиэ түгэннэрин бэлиэтиирин таһынан инники соруктары туруорар. Ол курдук, оҕо аһылыгын уонна оҕо күүтэр кэрэ аҥаардарга битэмииннээх үүтү оҥорон таһаарары былаанныыр. “Оскуола үүтэ” (Школьное молоко) бырайыак бигэргэтиллэр түгэнигэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна оскуола саастаах оҕолорго А, Е, Д3, В6 битэмииннэрэ элбэх үүтү оҥорон таһаарыахтаах. Бу бородууксуйанан кини киин куораты эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэни хааччыйар кыахтаах. Итини сэргэ 1-3 саастаах оҕолорго аналлаах үүтү, иэдьэгэйи уонна ацидолагы оҥорон таһаарар “Оҕо үүтүн куукуната” сыаҕы арыйарга бэлэмнэнэр.
Сорук итинэн бүппэт. Собуот хат уонна оҕо аһатар дьахталларга анаан А, D3, Е1, К, В2, В6, В12, С битэмииннэр, ниацин, фолиевай кислота, пантотеновай кислота, биотин, таурин курдук туһалаах састааптаах өссө биир сонун бородууксуйаны таһаарарга бэлэм.
Бары бииргэ!
Дьокуускайдааҕы үүт собуота аһымал аахсыйаларыгар мэлдьи кыттар. Кыаммат-түгэммэт дьиэ кэргэттэргэ, социальнай тэрилтэлэргэ, үөрэх тэрилтэлэригэр уонна балыыһаларга мэлдьи көмөлөһөр. 2020 сыллаахха хамсык кэмигэр собуот “кыһыл зонаҕа” үлэлиир эмчиттэргэ бородууксуйатын тиксэрбитэ. 2021 сыллаахха уоту кытта охсуһууга туруммут хорсун санаалаах дьону иһэр уунан, үүт бородууксуйатынан хааччыйбыта. 2022 сыллаахха “Үтүө санаа ардаҕа” (Дождик добра) аахсыйа чэрчитинэн, собуот үлэһиттэрэ элбэх оҕолоох, кыаммат-түгэммэт ыалларынан сылдьан, үүт бородууксуйа уонна “Якутянка” иһэр уу нобуорун туттартаабыттара. Собуот кэлэктиибэ бэйэтин бэтэрээннэрин, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэрин эмиэ умнубат. Кырдьаҕастар ый аайы босхо үүтү, суораты ылаллар, хас бырааһынньык аайы бэлэхтэри, аккырыыккалары туталлар.
Биһиги ааммыт – барыгытыгар аһаҕас!
“Молочный дождик” бородууксуйаны Саха сирин тыһыынчанан олохтоохторо сөбүлүүллэр. Дьокуускайдааҕы үүт собуота – сыллата өрөспүүбүлүкэтээҕи, куораттааҕы ас-үөл дьаарбаҥкатын кыттыылааҕа. Кини дэлэй аһа-үөлэ элбэх дьону тардар. Атыылаһааччылары кытта араас көрүҥ алтыһыы ыытыллар: собуокка үлэлиир “итии лииньийэ” нөҥүө ким баҕарар эрийэн, оҥоһуллан тахсар бородууксуйа туһунан ыйыталаһыан сөп. Собуот иһигэр баҕалаахтарга экскурсия тэриллэр. Куорат олохтоохторо үлэ хаамыытын илэ көрөн, үүт, иэдьэгэй, сыыр, онтон да атын бородууксуйа оҥоһуллуутугар туһааннаах хоруйу ылар кыахтаахтар.
Дьокуускайдааҕы үүт собуота дьон туһугар үлэлиир!
Төлөбүрдээх матырыйаал.