Күн бүгүн туһаныллар ресурсалары уонна гражданнар үптэрин ороскуоттарын хонтуруоллуур аныгы үйэҕэ эниэргийэни харыстааһын тоҕоостоох боппуруос.
Онуоха ититиини, уоту, ууну, гааһы уонна да атын ресурсалары туһанары учуоттуур анал тэриллэр бааллар. 2009 сыл сэтинньи 23 күнүнээҕи 261-ФЗ №-дээх Федеральнай сокуон этэринэн, энэргиэтикэ ресурсалара булгуччу учуоттаныахтаахтар.
Учуот тэриллэрин (счетчиктары) элбэх кыбартыыралаах дьиэ (МКД) кыбартыыраларын бас билээччилэрэ хааччынар эбээһинэстээхтэр.
Дьиэ уопсай ресурсаны туһаныытын учуоттуур тэриллэрэ (ОДПУ) элбэх кыбартыыралаах дьиэ уопсай малыгар киирсэллэр, ол иһин ОДПУну туруоруу туһунан быһаарыыны бас билээччилэр уопсай мунньахтарыгар ылыналлар. Маны таһынан, бас билээччилэр мунньахха дьиэ өрөмүөнүгэр уонна туһаныыга хомуллар ыйдааҕы усунуостан үбү булар туһунан быһаарыыны ылыахтарын сөп.
Онуоха учуот тэриллэрэ сөпкө туһаныллыахтаахтарын уонна кэмиттэн кэмигэр бэрэбиэркэни ааһыахтаахтарын умнуо суохтаахтар. Сыыһа үлэлиир учуот тэриллэрэ ресурсаны туһаныыны сыыһа ааҕан, олохтоохторго уонна өҥөнү биэрээччилэргэ хоромньуну таһаарыахтарын сөп. Холобур, сыыһа көрдөрүүттэн сылтаан ресурсаны туһаныыга хос төлөбүрү ойутан ылыан, эбэтэр туһаныы нуорматын тутуспаттан ыстарааптатыан сөп.
ОДПУ сөпкө үлэлиирин уонна элбэх кыбартыыралах дьиэҕэ хомунаалынай ресурсалары биэрэргэ бастайааннай бэлэм буолууну хааччыйарга уопсай баайы-дуолу көрөр истэр эбээһинсэтээх салайар хампаанньалар (ТСЖ, ЖСК) эппиэттээх.
Көрүү-истии уонна өрөмүөн, ол иһигэр ОДПУ-ну бэрэбиэркэлээһини салайар хампаанньалар уопсай баайы-дуолу көрүү-истии үлэлэрин чэрчитинэн былаанныахтаахтар уонна олохтоохтор дьиэни көрүүгэ-истиигэ төлүүр ыйдааҕы төлөбүрдэриттэн ылан ыытыахтаахтар.
Салайар хампаанньалар МКД бас билээччилэр уопсай баайдарын-дуолларын көрүүгэ-истиигэ ыытар үлэлэригэр счётчик өрөмүөнэ киирэ сылдьар. Өскөтүн алдьаммыт тэрили быстах өрөмүөн көмөтүнэн чөлүгэр түһэрэр кыаллыбат буоллаҕына, маннык түгэҥҥэ ОДПУ алдьаммытын туһунан аак оҥоһуллар уонна саҥа ОДПУ туруоруллар.
Өскөтүн бас билээччилэр уонна салайар тэрилтэлэр МКДны болдьоммут кэмигэр учуот тэрилинэн хааччыйбатах буоллахтарына, билигин маннык эбээһинэһи хомунаалынай ресурсалары биэрээччилэргэ сүктэриллэн турар. Онуоха бас билээччилэр уонна салайар хампаанньалар ити тэрилтэлэргэ учуот тэрилин туруорар миэстэҕэ киирэллэрин хааччыйыахтаахтар уонна кинилэргэ тэрили туруорбут ороскуоттарын төлүөхтээхтэр. Баҕа өттүнэн төлүүртэн батынар буоллахтарына, ону сокуон быһыытынан күһэлэҥинэн төлөтөллөр.
Инньэ гынан ОДПУ туруоруу уонна хааччыйыы хомунаалынай өҥөнү хонтуруоллуурга уонна ресурсалары туһаныы лоп бааччы учуотун хааччыйарга булгуччулаах буолар.
ОДьКХ судаарыстыбаннай унитарнай тэрилтэ пресс-сулууспата.