2024 сыл кулун тутар 14 күнүгэр Михаил Николаев СӨ Мэдиссиинэ булгуччулаах страховкалааһынын территориальнай пуондатын тэрийэр туһунан Ыйааҕа тахсыбыта 30 сылын туолар. Бастакы бэрэсидьиэммит, ырааҕы, кэскиллээҕи көрөн, Сахабыт сиригэр маннык үтүө дьаһалы киллэрэн, мэдиссиинэбит күнтэн күн дьоҥҥо туһалыы, үүнэ-сайда турар. Пуонда ааһан эрэр сылга үлэтин туһунан салайааччы Александр Гороховы кытта кэпсэттибит.
– Александр Васильевич, ааһан эрэр сылы туох түмүктээх, саҥа сылы туох ситиһиилээх көрсөн эрэҕит?
– Бастатан туран, пуондаҕа киирбит 53 550 125,4 тыһ. солкуобайы сыл устата 101,2% туһанан олоробут. Оттон 2024 сыллааҕы бүддьүөппүт 62 407 418,1 тыһ. солк. тэҥнэһиэхтээх, ол эбэтэр быйылгытааҕар 16,5% үрдүөхтээх. Онтон кэлэр икки сылга пуонда үбэ 66 079 139,0 тыһ. солк. уонна 70 379 344,3 тыһ. солк. тиийиэхтээх. Быйылгыттан киһи ахсын көрүллэр нуорма улаатарын уонна мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга саҥа кээписиэн көрүллэрин кытта ситимнээх.
Биллэн турар, пуондаҕа киирэр дохуот эбиллиитэ өрөспүүбүлүкэҕэ мэдиссиинэ сайдыытыгар үчүгэйдик дьайар. Тоҕо диэтэххэ, мантан быраас хамнаһа, балыыһа хааччыллыыта, өҥө хаачыстыбата, көрдөрөөччү туруга тутулуктаах.
– Мэдиссиинэ булгуччулаах страховкалааһынын (ОМС) хас тэрилтэ ыытарый?
Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 2 страховой мэдиссиинэ тэрилтэтэ үлэлээбитэ: ОАО «СМК «Сахамедстрах» (генеральнай дириэктэр Варфоломеева Г.Д.) страховкаламмыт дьон 85%-нын хабар, АСП ООО «Капитал-МС» Саха сиринээҕи филиала (дириэктэр Андреева А.Н.) страховкаламмыт дьон 15%-нын хабар. Сахабыт сиригэр 105 мэдиссиинэ тэрилтэтэ үлэлиир, ол иһигэр - судаарыстыбаннайа суох 40 балыыһа. Бары ОМС тиһигин туһаналлар.
– Дьон балыыһаҕа төһө элбэхтик көрдөрөр, эмтэнэр буолла?
– Нэһилиэнньэбит ахсаана быйыл мөлүйүөҥҥэ тиийбит буоллаҕына, мэдиссиинэ булгуччулаах страховкалааһынын суотугар амбылатыарыйаҕа-бэликилииньикэҕэ көрдөрөн эмтэнии 1 мөл. 760 тыһ. тиийдэ. Күнүскү стационарга – 49 тыһ. тахса, киирэн сытар стационарга 123 тыһ. кэриҥэ эмтэнии бэлиэтэннэ. Маны таһынан 232 тыһ. мэдиссиинэ суһал көмөтүн ыҥыран туһаныы буолла.
Диспансеризацияҕа уонна ыарыыны сэрэтэр көрүүгэ 553 тыһ. киһи хабылынна. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл диспансеризация бастакы түһүмэҕин ааһыы былырыыҥҥытааҕар 30,8%-нан элбэҕин, иккис түһүмэҕэр 58,9%-нан элбэҕин бэлиэтиибин. Диспансеризация тулаайах оҕолорго эмиэ ыытыллар. Ол курдук, 3435 тулаайах оҕо хабылынна, бу былырыыҥҥытааҕар 14,8%-нан элбэх. Ол тэҥэ ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр көрүүнү сокуоннай сааһын ситэ илик 190 859 оҕо ааста, бу ааспыт сыллааҕар 46,5%-нан элбэх. Ити курдук дьон, диспансеризация суолтатын өйдөөн, балыыһаҕа тиийиитигэр булгуччулаах страховкалааһыны ыытар тэрилтэлэр улахан көмөлөөхтөрүн бэлиэтиибин.
Саха сирин олохтоохторо ОМС суотугар өрөспүүбүлүкэ таһыгар баран эмиэ элбэхтик эмтэнэллэр. Ол курдук, Арассыыйа араас куоратыгар мэдиссиинэ өҥөтүн 73 903 киһи туһанна. Биир дойдулаахтарбыт быйыл ордук Амур уобалаһын (18%), Москуба к. (16%) уонна Санкт-Петербург к. (12%) тэрилтэлэригэр эмтэннилэр.
– Оттон уһук сытар, мөлтөх суоллаах улуустарга мэдиссиинэ көмөтүн хайдах оҥороҕут?
– Дьэ, билигин Арктика олохтоохторугар мэдиссиинэ бастакы көмөтүн тэрийиигэ анаан оҥорбут пилотнай бырайыакпытын кэпсиир тоҕоостоох. Биллэрин курдук, Саха сирин Арктиката сүрдээх киэҥ. Арассыыйаҕа туттуллар нуорматынан Арктика олохтоохторун доруобуйаларын толору көрөр-истэр хайдах даҕаны кыаллыбат. Ол иһин Ил Дархан Айсен Николаев туспа киритиэрийдээх, тарыыптаах, үптээх-харчылаах саҥа мадьыалы оҥорорго сорудах биэрбитэ. Онон СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин «Арктика улуустарыгар доруобуйа харыстабылын сайыннарыы» бырайыагын иитинэн СӨ Арктиканы сайыннарыы, Тырааныспар, Инновация министиэристибэлэрин, «Полярные авиалинии» хампаанньа өйөбүлүнэн саҥа мадьыалы олоххо киллэриигэ бэлэмнэнэн барбыппыт. ОМС территориальнай тосхолун оҥорор хамыыһыйа мобильнай биригээдэ оҥорор мэдиссиинэ көмөтүн тарыыбын олохтообута. Маны таһынан мобильнай быраас уонна орто персонал хамнаһын үрдэтиллибит кээмэйэ, салгынынан айан уонна да атын ороскуот ааҕыллыбыта.
Ити курдук идэлээх быраастары түмэр, мэдиссиинэ тэрилинэн толору хааччыллыбыт уонна тэлэмэдиссиинэ технологиятын баһылаабыт мобильнай биригээдэлэр олунньуттан саҕалаан, Арктика улуустарыгар тиийэн үлэлиир буоллулар. Биригээдэлэр сыччах 11 ый иһигэр Арктика 13 улууһун 89 нэһилиэнньэлээх пуунугар сырыттылар. Кинилэр олохтоохторго 99 тыһ. тахса ыарыыны булан быһаардылар, диспансернай кэтэбилгэ 2 452 киһини ыллылар. Мобильнай биригээдэлэр ити улуустарга биирдэ сылдьан баран бүтэн хаалбаттар, хастыыта да сылдьаллар уонна салгыы тэйиччиттэн эмиэ үлэлииллэр. Уонна сүрүнэ – ыарыһахтары өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар ыытан эмтэтэллэр.
Түмүктээн эттэххэ, мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин көрдөрүүтэ олус үчүгэй. Онон бырайыагы эһиил өссө кэҥэтэн, Арктика улуустарыгар эрэ буолбакка, Сахабыт сирин уһук сытар, мөлтөх суоллаах пууннарыгар кытта үлэлэтэр санаалаахпыт.
Бырайыагы Судаарыстыбаннай Дуума социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин «СӨ Социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туһунан» кэҥэтиллибит мунньаҕар уонна Мэдиссиинэ булгуччулаах страховкалааһынын федеральнай пуондатын дириэктэрэ Илья Баланины кытта көрсүһүүгэ олус сэҥээрбиттэрэ. Онон Арассыыйа таһымыгар таһааран тарҕатары эмиэ толкуйдуубут.
– Киһи быраабын өрө тутар кэмҥэ олорорбут быһыытынан, бу хайысхаҕа туох үлэни ыытаҕыт?
– Мэдиссиинэ өҥөтүн туһанааччылар бырааптарын көмүскүүр үлэни мэлдьи ыытабыт. Былырыын 190 үҥсүү киирбит буоллаҕына, быйыл 140 үҥсүү киирдэ. Көстөрүн курдук, арыый аҕыйаабыт. Сүрүннээн, хаачыстыбаҕа сыһыаннааҕы үҥсэллэр. Дьон быраабын көмүскэлин сүрүннүүр сүбэбит хас биирдии үҥсүүнү үөрэтэр, ырытар уонна быһаарыы таһаарар.
– Сыыппара полиһа диэн киирбитин истибитим. Ол хайдаҕый?
– Сыыппара полиска көһүү 2022 сыл ахсынньы 1 күнүттэн саҕаламмыта. Аны урукку кумааҕы эбэтэр былаастык полис оннугар киһиэхэ барытыгар куйаар ситиминэн анал электроннай штрих оҥоһуллар уонна Доруобуйа харыстабылын биир кэлим реестригэр (ЕРЗ) киирэр. Холобур, ахсынньы 1 күнүттэн саҕалаан төрөөбүт оҕолорго, ЗАГС биэрбит туоһу суругунан оҥоһуллар.
Ити курдук сыл устата 46 976 сыыппара полиһа оҥоһулунна. Оччотугар хайа баҕарар мэдиссиинэ тэрилтэтигэр тиийэн пааспаргын көрдөрдүҥ да, сыыппара полиһыҥ көстөн кэлэр. Арассыыйа хайа баҕарар муннугар үлэлиир. Онон сыыппара полиска көһүү бириэмэ да, харчы да өттүнэн сүүйүүлээх. Маныаха урукку полистар эмиэ үлэлииллэр, олору быраҕар наадата суох.
– Пуонда үлэтигэр өссө туох аныгы ньымалары туттаҕыт?
– Манна Доруобуйа харыстабылын биир кэлим ыйытар киинин (Единый контакт-центр здравохранения) ааттыам этэ. ОМС полиһын ылбыт дьон бу кииҥҥэ 122 эбэтэр 8 (800) 100 14 03 федеральнай нүөмэринэн босхо эрийэн мэдиссиинэҕэ сыһыаннаах хайа баҕарар боппуруоһу ыйытыахтарын сөп. Быйыл киин нөҥүө 13 тыһ. ыйытыы киирдэ.
– Александр Васильевич, пуонда үлэтин сырдаппыккар махтанабын. Мэдиссиинэни сайыннарыыга, нэһилиэнньэ доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ ыытар үлэҕитин олус биһирээтим. Эһиэхэ өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!
– Болҕойон истибиккэр улахан махтал. Пуонда аатыттан Сахабыт сирин олохтоохторун үүнэр 2024 сылынан эҕэрдэлиибин! Саҥа сыл бары өттүнэн ситиһиилээх, олорорго табыгастаах уонна ураты дьоллоох буоллун. Барыгытыгар чэгиэн туругу, чөл өйү-санааны, уйгулаах-быйаҥнаах олоҕу баҕарабын.
Кэпсэттэ КҮНДЭЛИ.