Тырааныспары гаас уматыгар көһөрөр саҥа ыстаансыйаны арыйда
Ахсынньы 15 күнүгэр “Саханефтегазсбыт” АУо өссө биир саҥа эбийиэги – Дьокуускай куорат Бүлүүлүүр суолун 3-с килэмиэтиригэр баар 3-с №-дээх АЗС таһыгар тырааныспары көрөр-истэр ыстаансыйаны (СТО) – үлэҕэ киллэрдэ.
Саҥа ыстаансыйа аһыллар үөрүүлээх тэрээһинигэр “Саханефтегазсбыт” АУо салалтатын уонна үлэһиттэрин СӨ Бырамыысыланнаһын уонна геологиятын миниистирэ Максим Терещенко эҕэрдэлээтэ. Тэрилтэ үлэтин-хамнаһын үрдүктүк сыаналаата уонна өрөспүүбүлүкэҕэ гаас уматыгын сайдыытыгар уһулуччу суолталааҕын бэлиэтээтэ.
– Тэхиниичэскэй үлэни ыытар, үлэ хаамыытын, уматык бородуукталарын тиэрдиини салайар, тэрийэр исписэлиистэрбитин кытта ыкса сибээһи мэлдьи тутабыт, – диэн миниистир эттэ. Максим Терещенко Ил Дархан Айсен Николаев эрэгийиэммитигэр гаас уматыгын күүскэ сайыннарар дьаһалын бастакынан өйөөбүттэрин уонна бу хайысхаҕа үрдүк көрдөрүүнү ситиһэллэрин иһин тэрилтэ салалтатыгар, үлэһиттэригэр махтанна.
– Күн бүгүн эһиги тэрилтэҕит федеральнай ирдэбилгэ эппиэттиир өрөспүүбүлүкэбитигэр аттестацияламмыт соҕотох киин буолар. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар, урбаанньыттар, тэрилтэлэр ханнык баҕарар тырааныспары – таһаҕас тиэйэр улахан тырааныспартан саҕалаан дьоҕус массыынаҕа тиийэ – гаас уматыгар көһөрөр кыахтаннылар. Бу уматык быдан экэниэмийэлээҕин таһынан айылҕаҕа буортута суох, – диэн Михаил Терещенко бэлиэтээтэ.
Миниистир Ил Дархан уонна норуодунай дьокутааттар өйөбүллэринэн Саха сиригэр гаас уматыкка көһөрүүгэ эрэгийиэннээҕи бырагыраама үлэлиирин бэлиэтээн эттэ. 2023 с. федеральнай субсидия аан бастаан көрүлүннэ. Бу субсидияны биир кэмҥэ эрэ буолбакка, үс сыл устата туһаныахха сөп. Онно эбии тырааныспары көһөрүү 30 % ороскуотун РФ Энэргиэтикэҕэ министиэристибэтин лииньийэтинэн федеральнай бырабыыталыстыба уйунар. Билигин тырааныспары метан уматыгар көһөрүү ороскуотун федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 90 % уйунарыгар үлэ барар. Инньэ гынан, Саха сирин хас биирдии олохтооҕо бу өҥөнү туһанар кыахтаах, тырааныспарын гааска көһөрөрүгэр 10 %-нын эрэ төлүүр буолуоҕа, – диэн миниистир эттэ.
Кини иһитиннэрбитинэн, билигин гааһынан сапыраапкалыыр 10 ыстаансыйа баар. Олор Дьокуускай, Мииринэй, Ленскэй куораттарга, Аллараа Бэстээх, Айхал бөһүөлэктэригэр үлэлииллэр. Гааһынан сапыраапкалыыр ыстаансыйа сыл аайы элбии турар.
Бырамыысыланнас, геология миниистирэ Максим Терещенко метаны сапыраапкалыыр аныгы АЗС-тар, ону сэргэ “Саханефтегазсбыт” АУо саҥа ыстаансыйата үлэҕэ киирдэхтэринэ, кэлэр сыл өрөспүүбүлүкэҕэ гаас уматыгын ырыынагын сайдыытыгар улахан ситиһиилээх буоларыгар эрэллээҕин биллэрдэ.
– “Развитие промышленности и воспроизводство минерально-сырьевой базы в РС(Я)” судаарыстыбаннай бырагыраама уонна бу иһинэн үлэлиир “Расширение использования природного газа в качестве моторного топлива для транспорта и техники специального назначения” алын бырагыраама чэрчитинэн тутуллубут эбийиэк, бастатан туран, социальнай суолталаах. Саҥа ыстаансыйабыт үлэҕэ киирдэҕинэ, Саха сирин олохтоохторугар барыларыгар дьоһун бэлэх буолуоҕа, үптэрин-харчыларын хас да төгүл кэмчилиир кыахтаныахтара, – диэн “Саханефтегазсбыт” генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуодунай дьокутаата Виктор Ледебев бэлиэтээтэ.
Генеральнай дириэктэр эппитинэн, нэһилиэнньэҕэ, ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тыа сирин олохтоохторугар, улахан суолталаах.
Тэрилтэ аатыттан Виктор Николаевич өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна СӨ Бырамыысыланнаһын, Геологиятын министиэристибэтигэр Саха сирин олохтоохторугар чахчы туһалаах, улахан бырайыагы өйөөбүттэригэр махтанна.
– Быйыл, эмиэ ааспыт сылга курдук, хас да эбийиэги үлэҕэ киллэрдибит. Килийиэннэрбитигэр уонна Уһук Хоту тыйыс усулуобуйатыгар үлэлиир дьоммутугар табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ күүспүтүн уурдубут, – диэн генеральнай дириэктэр эттэ.
Ол курдук, 2023 с. “Саханефтегазсбыт” АУо бырамыысыланнаска куттала суох буолуу ирдэбиллэригэр эппиэттиир кэнтиэйнэрдээх саҥа АЗС-тары Өлүөхүмэ Саҕынньахтааҕар, Томпо Тополинайыгар, Өлүөхүмэтээҕи, Баатаҕайдааҕы, Зырянкатааҕы ньиэп базаларын филиалларыгар анал тиэхиньикэлэргэ анаммыт гараастары үлэҕэ киллэрдилэр, Нерюнгри Серебряный Бор бөһүөлэгэр 31-с №-дээх ыстаансыйаны саҥардан оҥордулар.
Ыспыраапка: СТО саҥа тутуу уопсай иэнэ – 884,2 кв.м. Тутуу үс тус-туһунан буоксалаах: иккитэ – таһаҕаһы тиэйэр улахан тырааныспарга, биирэ дьоҕус массыыналарга аналлаахтар. Манна тырааныспары гаас уматыгар көһөрөллөрүн таһынан анал үөрэхтээх, үрдүк квалификациялаах исписэлиистэр табыгастаах усулуобуйаҕа өрөмүөн, көрүү-истии өҥөтүн оҥороллор.
“Саханефтегазсбыт” АУо килийиэннэригэр, үлэһиттэригэр табыгастаах усулуобуйаны тэрийэр кэнсиэпсийэтигэр олоҕуран, килийиэннэргэ аналлаах улахан саала баар, оттон үлэһиттэр аһыыр, сынньанар туспа хостордоохтор.
Эбийиэк СӨ Бырамыысыланнаһын, геологиятын министиэристибэтин тырааныспары гаас уматыгар көһөрөргө тутуһуллар ирдэбиллэригэр толору эппиэттиир гына оҥоһулунна.
Ньиэп-гаас салаатыгар каадыры бэлэмнииргэ көхтөөхтүк кытынна
Ахсынньы 21 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ тэхиниичэскэй факультеттарын куорпуһугар “Саханефтегазсбыт” АУо “Ньиэп бородуукталарын оҥорон таһаарыы уонна харайыы” үөрэх аудиториятын арыйда.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуодунай дьокутаата Виктор Лебедев, ХИФУ ректора, СӨ норуодунай дьокутаата Анатолий Николаев, СӨ бырамыысыланнаска, геологияҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин, СӨ үөрэххэ, билимҥэ миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай, геологоразведочнай факультет декана Максим Третьяков, ГРФ преподавателлэрэ, устудьуоннара, А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин дириэктэрэ Изабелла Сивцева кытыннылар.
Бырайыагы көҕүлээччи, “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедев өрөспүүбүлүкэ биир тутаах суолталаах стратегическай тэрилтэтэ уонна үрдүк үөрэх кыһата бииргэ үлэлэһэллэрэ үтүө түмүктэрдээх уонна туһалаах буоларын, устудьуоннар кэмпитиэнсийэлэрэ үрдүүрүн, үлэ булалларыгар көмөлөөх буоларын бэлиэтээтэ:
– Каадыры анаан-минээн бэлэмнээһин каадыр тиийбэт кыһалҕатын быһаарарга сабыдыаллыаҕа. Кэлиҥҥи сылларга бу кыһалҕа биһиги эрэгийиэммитигэр эрэ буолбакка, бүтүн дойду үрдүнэн турар.
Саҥа аһыллыбыт аудитория “Саханефтегазсбыт” ньиэп-гаас салаатыгар каадыры тус сыаллаах бырагырааманан бэлэмнииргэ көхтөөхтүк кыттарын, билиититтэн, уопутуттан үллэстэргэ баҕалааҕын көрдөрөр.
Тэрилтэ сүрүн инженердэрэ ХИФУ ГРФ “Недропользование” хаапыдыратыгар преподаватель быһыытынан үлэлэрин саҕалаатылар.
Холобур, хапытаалынай өрөмүөн, баай-дуол, сир боппуруостарыгар генеральнай дириэктэри солбуйааччы Алексей Фёдоров “Сооружение газонефтепроводов и газонефтехранилищ” дьиссипилиинэни биэрэр, Дьокуускайдааҕы ньиэп базатын сүрүн инженерин эбээһинэһин толорооччу Сергей Будко устудьуоннары ньиэп базаларын, нефтехранилищелары туһанарга үөрэтэр. Оттон сүрүн инженер Александр Нифонтов “Ньиэби, ньиэп бородуукталарын харайыы” дьиссипилиинэ ымпыгын-чымпыгын билиһиннэрэр, манна Арктика оройуоннарыгар, эрэгийиэннэргэ ньиэби, ньиэп бородуукталарын харайыы курдук сүрүн хайысхаларга болҕомто ууруллар.
Норуот дьокутаата, “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ болҕомтотун туһаайбыт өссө биир суолталаах түгэни бэлиэтиир тоҕоостоох. Кини оскуолалары, үрдүк үөрэх кыһаларын кытта бииргэ үлэлэһэргэ обургу саастаах оҕо идэтин бэйэтэ таларыгар кыаҕы үөскэтэр наадатын туһунан этэр. “А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин кытта түһэрсиллибит сөбүлэҥ оройуон үрдүк кылааһын үөрэнээччилэригэр сөптөөх идэни талалларыгар, преподавателларга оҕо кыаҕын арыйалларыгар көмөлөһүөҕэ”, – диэн Виктор Николаевич бэлиэтээтэ. Маннык сыаллаах-соруктаах, наадалаах бары тэрилинэн толору хааччыллыбыт кэбиниэти 2024 сылга Таатта лиссиэйин саҥа дьиэтэ тутулуннаҕына арыйар былааннаахтар.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора Анатолий Николаев “Саханефтегазсбыт” салалтатыгар уонна кэлэктиибигэр геологоразведочнай факультет 40 сылынан дьоһун бэлэҕи оҥорбуттарыгар махтанна уонна өр кэмҥэ ситиһиилээхтик бииргэ үлэлэһэргэ эрэлин биллэрдэ:
– Биһиги устудьуоннарбыт быраактыкаларын сыл аайы “Саханефтегазсбыт” АУо производственнай базатыгар бараллар. Ол иһин аныгы тэрилинэн хааччыллыбыт саҥа аудитория биһиги кыттыгас үлэбит салгыыта буолар. Бу үлэбит оройуоннары, ол иһигэр Арктика оройуоннарын, каадырынан хааччыйарга көмөлөһүөҕэ.
СӨ бырамыысыланнаска, геологияҕа миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Кириллин, тэрилтэ кэлэктиибигэр махтанан туран, “Саханефтегазсбыт” АУо үөрэх тэрилтэлэрин кытта үлэлэһэрин дьиҥнээх дьыаланан көрдөрөрүн, онон улахан атын тэрилтэлэргэ холобур буоларын бэлиэтээтэ. Үлэнэн хааччыйааччы үөрэх кыһатыгар бэйэтэ кэлэр, инникитин исписэлиис буолуохтаах эдэр дьон кыахтарын арыйарга усулуобуйа тэрийэрин туһанан, устудьуоннар дьаныһан үөрэнэллэригэр ыҥырда.
Ыспыраапка: “Саханефтегазсбыт” АУо устааптаах хапытаалыгар 100 % өрөспүүбүлүкэ өлүүскэлээх, эрэгийиэн биир бөдөҥ, стратегическай тэрилтэтэ. Тэрилтэ үрдүк хаачыстыбалаах уматык-оҕунуох матырыйаалынан нэһилиэнньэни, дьоҕус уоптабай туһанааччылары уонна бүддьүөт тэрилтэлэрин, ол иһигэр авиация, энэргиэтикэ, тырааныспар салааларын тэрилтэлэрин, тиһигин быспакка хааччыйар уонна Саха сирин ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар итиэннэ Арктика оройуоннарыгар соҕотох мэктиэһит-хааччыйааччы (поставщик) буолар.Күн бүгүн “Саханефтегазсбыт” АУо – федеральнай ирдэбилгэ эппиэттиир өрөспүүбүлүкэҕэ аттестациялаах тырааныспары соҕотох газомоторнай оттукка көһөрөр кииннээх. Ол кииҥҥэ Саха сирин олохтоохторо, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар, урбаанньыттар, тэрилтэлэр тырааныспардарын бары көрүҥүн гаас уматыгар көһөртөрөр кыахтаахтар. Метан оттукка көһөрүү ороскуотун 90% бырыһыанын судаарыстыба субсидиялаан толуйара нэһилиэньэҕэ олус кэрэхсэбиллээх. Маны таһынан, аахсыйалаах уопсастыба хараҥа уонна сырдык ньиэп бородуукталарын чинчийэргэ аналлаах аккредитациялаах өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох нефтехимическэй аныгы, бары ирдэбилгэ хоруйдуур лабаратыарыйалаах.“Саханефтегазсбыт” АУо 19 филиаллаах, олор РФ территориятын 1/5-һин ылар киэҥ сиргэ тайаан сыталлар. Уматыгы Хотугу муора суолунан, уу, тимир, массыына тырааныспардарынан тиэрдэллэр. “Саханефтегазсбыт” АУо – өрөспүүбүлүкэ биир бөдөҥ үлэ биэрээчи тэрилтэтэ. Манна үлэһит, инженер уонна тэхиниичэскэй идэлээх 1900 киһи үлэлиир.
Педиатрия киинин кырачааннарыгар бэлэх туттарда
Ахсынньы 25 күнүгэр “Саханефтегазсбыт” АУо үлэһиттэрэ Мэдиссиинэ национальнай киинэ өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы №-дээх балыыһа педиатрическай киинигэр эмтэнэр кырачааннарга Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттардылар. Тэрилтэ бэрэстэбиитэллэрэ кардиология уонна пульмонология отделениеларыгар эмтэнэ сытар кырачааннары Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтилэр, үтүө баҕа санааларын эттилэр.
Мэдиссиинэ национальнай киинин педиатрическай киинин дириэктэрэ Людмила Николаева “Саханефтегазсбыт” АУо салалтатыгар уонна кэлэктиибигэр кырачааннарга болҕомтолоох сыһыаннарын, бэлэхтэрин иһин махтанна. “Эһиги бэлэхтээбит үөрүүгүт кырачааннарбытыгар күүс-күдэх эбэр, санааларын көтөҕөр, түргэнник үтүөрэн дьиэлэригэр баралларыгар көмөлөһөр”, – диэтэ.
Ахсынньы 26 күнүгэр “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрин аатыттан маннык бэлэхтэри “Якутия с тобой” ыстаап волонтёрдарыгар туттардылар.
“Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ, СӨ норуодунай дьокутаата Виктор Лебедев кэпсээбитинэн, уопсастыба үлэһиттэрэ сыл аайы “Үтүө санаа харыйата” үгэс буолбут аахсыйаҕа кытталлар. Бу аахсыйа оҕолорго дьоллоох, аптаах-алыптаах түгэни бэлэхтиир. Маны таһынан үлэһиттэр дьиэ кэргэни, оҕо сааһы өйүүргэ куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар аһымал тэрээһиннэргэ эмиэ көхтөөхтүк кытталлар. Салайааччы “Саханефтегазсбыт” АУо 19 филиала маннык көхтөөх позицияны эмиэ тутуһарын бэлиэтээтэ.
– Биһиги кэллиэгэлэрбит, өрөспүүбүлүкэ социальнай хайысхалаах, бөдөҥ стратегическай тэрилтэтин бэрэстэбиитэллэрэ буолан туран, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэҥҥэ, оҕолорго кыһамньыларын ууран, кыахтара баарынан көмөлөһөллөр, – диэн Виктор Николаевич эттэ.
Үүнэр 2024 сылы Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо саас сылынан биллэрбитэ. 2 000 үлэһиттээх уопсастыба Ил Дархан биллэрбит сылын өйүүргэ бэлэм.