Киир

Киир

Кэпсэтэр дьоруойум Саха сирин олохтоохторун массыанньыктар угаайыларыгар киирэн биэрбэтиннэр диэн, түбэспит уустук түгэннэрин ааҕааччылардыын үллэстэр.

2023 сыл түмүгүнэн Саха сирин олохтоохторо массыанньыктарга 946 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыттар.

Бастакы түгэн...

– Массыанньыктарга түбэспит түбэлтэҕин кэпсиэҥ дуу?

– Улаханнык 3 төгүл түбэһэн турардаахпын.

Бастакы түбэһиим – 2020 сыллаахха этэ. Ол иннинэ массыанньыктар төлөпүөҥҥэ эрийэн, каарта нүөмэрин көрдүүллэрин, “каартаҥ нүөмэрин уонна паролун эт, эйиэхэ кутталлаах дьон суруйдулар” дииллэрин истэрбит. Оччолорго оннуктарга улаханнык киирэн биэрбэт этим.

Онтон биирдэ 2020 сыллаахха “900” нүөмэртэн эрийдилэр. Бары билэрбит курдук, бу – Сбербаан нүөмэрэ. “Тугу эрэ сэрэтээри эрийдэхтэрэ” диэн, уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, ылааччы буоллум. “Алло, здравствуйте! Это сотрудник сбербанка” диэтин кытары, төлөпүөммэр “тыҥ” гынан “смс” кэллэ.

– Ол кэпсэтэ да иликкинэ дуо?

– Төлөпүөммэр “смс” кэлбитин кө­рөө­рү, “Сбербаантан” диэбиттэрин кэннэ ууран кэбиспитим. Онтон көрбүтүм: каартабар баар харчым кэппиэйкэтигэр диэри барыта уһуллан хаалбыт! Онно мин икки каарталааҕым – “Мир” уонна “Виза”. Инньэ гынан, кыл түгэнигэр икки каартабар баар харчыбыттан “ытыс соттубутум”. Хайдах ньыманан итиччэ түргэнник устубуттарын билиҥҥэ диэри сатаан өйдөөбөппүн. Биллэн турар, дьон итэҕэйиэ суоҕун сөп, ол эрээри чахчы түбэспит дьыалам.

– Улахан охсуу ыллаҕыҥ?

– Ол үлүгэрдээххэ түбэһэн бараммын, хайдах буолуохпун билбэтэҕим. Төлөпүөммүн көрөн баран, биир сиргэ хам хатанан олорбутум. Ол олордохпуна, билэр киһим эрийдэ. Онно, дьэ, өйдөнөн, ытыы-ытыы, туох буолбутун быһааран биэрдим. Онтон өйдөммүтүм, дьиэтээҕи чараас таҥаспынан 50 кыраадыс тымныыга дьиэм болкуонугар тахсан, дьыбааҥҥа олорор эбиппин! Оннук тоҥорбун билбэт буолуохпар диэри уйулҕам хамсаабыта. Онтон, дьэ, өйдөнөн, дьиэбэр сүүрэн киирбитим. Төлөпүөннээбит киһиэхэ: “Эн эрийбэтэҕиҥ буоллар, тоҥорбун даҕаны билбэккэ хоройон олоруо эбиппин”, – диэн махтанным. Ол курдук, бэйэҥ да билбэккинэн оннук турукка киирэн хаалар эбиккин.

– Бу түбэлтэ ханнык кэмҥэ буолбутай?

– Оруобуна Саҥа дьыл буолаары турара. Сыл бүтүүтэ буолан, хамнас, бириэмийэ, абаанса барыта түспүтэ. Тыаҕа олорор төрөппүттэрбэр, чугас дьоммор Саҥа дьылынан кэһии, бэлэх ылаары былааннанан аҕай сылдьыбытым.

Сарсыҥҥы күнүгэр кэтиэххэ айылаах халыҥ таҥастарбын барытын кэтэн, 50 кыраадыс тымныыга олорор сирбиттэн сатыы сбербааҥҥа бардым. Сатыы хаамыах диэтэххэ, 16-с кыбартаал Рыдзинскай уулуссатыттан Лермонтов уулуссаҕа турар сбербаан дьиэтигэр диэри балачча уһун суол. Оптуобуһунан айанныахпын сиэппэр кэппиэйкэм да суоҕа. Онно өйдөөбүтүм “тыыннаах” харчы хайдах курдук күндүтүн!

Сбербааҥҥа тиийэн ыйыталаспыппар, “Маннык түбэлтэҕэ хайыыр даҕаны кыахпыт суох. Биһиги өттүбүтүттэн сэрэтии, иһитиннэрии мэлдьи баар”, – диэтилэр уонна икки каартабын иккиэннэрин саҥаттан уларыттылар. Аны бу саҥа оҥоһуллубут каартам 3 күнүнэн биирдэ үлэлиир буолан, “бомж” ыстаатыһыгар сырыттым. Тоҕо диэтэххэ, билэр дьонум көмөлөһөн харчы ыыппыт да буоллахтарына, бу болдьох кэнниттэн биирдэ туттар кыахтанабын.

– 900 диэн сбербаан нүөмэрэ буолбатах эбит дуо?

– Ону, хата, сбербааннар бэйэлэрэ өйдөөн көрөн, “900 буолбатах дии” – диэтилэр. “Хайдах?” диэн соһуйан ыйыппыппар: “Өйдөөн көр эрэ, 900 диэн буолбакка 9 уонна икки “ОО” буукуба турар” – диэтилэр. Ону өйдөөн көрбүтүм, кырдьык, 900 уонна 9ОО уратылаһаллар эбит. Маннык ньыманан эмиэ “взломайдыыллар”, араас ньыманы бары туттуохтарын сөп эбит. Хомойуох иһин, түөкүттэргэ түбэспит мин эрэ буолбатах. Биллибэтинэн-көстүбэтинэн элбэхтэр, дьон “афишируйдаабат” эбит.

– Билигин хайдах көмүскэнэҕин?

– Онтон ыла төлөпүөммэр “определитель” диэн сыһыарыыны туруорбутум. Бу сыһыарыы маннык кутталлаах нүөмэрдэри “этэн” биэрэр. Онон ханнык баҕарар билбэт нүөмэргиттэн эрийдэхтэринэ, бу сыһыарыынан ким эрийбитин булан ылыахха сөп.

Аны маннык диэн баар. “Сегодня вам одобрен кредит от 500 тыс.рублей до 5 000 000 рублей” диэн. Маннык миэхэ үгүстүк эрийэллэр этэ. Үгүс киһи харчыга наадыйан, кирэдьиит ылаары, манныкка киирэн биэрээхтиир эбит. Ол эбэтэр сөбүлэһэн, түөкүттэргэ киирэн биэриэхтэрин сөп. Оннукка түбэспит дьону, тус бэйэм билэбин, уйулҕаларыгар улахан охсууну ылбыттара.

Өскөтүн эһиэхэ массыанньыктар эрийдэхтэринэ, анал официальнай нүөмэрдэргэ эрийэн билсиҥ, чуолкайдаһыҥ. Кимиэхэ да кодкутун, каартаҕыт паролун, эпэрээссийэни бигэргэтэр уонна баан каартатын реквизиттэрин биэримэҥ. Төлөпүөҥҥэ кинилэр этэр инструкцияларынан финансовай эпэрээссийэни оҥорумаҥ.

– Ханнык нүөмэртэн уонна хайа сиртэн эрийэллэрий, быһыыта?

– Нүөмэрдэриттэн киһи массыанньык буолалларын тута билэр, сэрэйэр. Үксүн атын эрэгийиэнтэн билайнтан, ол эрээри үксүлэрэ Сибиир эҥээртэн эрийэллэр. Оннук эрийдэхтэринэ, “определитель” сыһыарыынан көрдөөн, бэрэбиэркэлээн, “хара испииһэккэ” ыытан иһиэххэ наада. Төлөпүөн атыылаһарбытыгар пааспарбытыгар баар дааннайбытын суруйабыт, маны тэҥэ каарта оҥорторорго төлөпүөммүт нүөмэрин сыһыарабыт, ол даҕаны олук буолан эрдэҕэ. Аны сахалар арыый кэнэн, өс киирбэх быһыыбыт-майгыбыт сыттаҕа.

ВРЕЗКА НЮРА

Нюра С., 28 саастаах, Дьокуускай олохтооҕо: “Оччолорго Хабаровскайга магистратураҕа үөрэнэбин. Үөрэҕим быыһыгар маҕаһыыҥҥа кассир-консултаанынан үлэлиибин. 2017 сыл кулун тутар 1 күнэ. Үлэлии олордохпуна, 15:09 чаас ааһыыта төлөпүөммэр биллэрии кэллэ: “Ваша банковская карта заблокирована СБ-РФ. Инфо: 8-800-505-80-31.

Үлэлии киириэхпиттэн түспүт 3 ыйдаах хамнаһым каартабар сытар буолан, ыксаан хааллым уонна үлэбиттэн көҥүллэттим. Хамнаһым уонна истипиэндьийэм түһэр икки баан каартабын ылан, этиллибит нүөмэргэ эрийдим. Онуоха миэхэ каартабын тохтоппотторун (заблокировка) туһуттан, тугу гыныахтаахпын ыйан-кэрдэн бардылар. Кэпсэтэ сылдьар төлөпүөммүн араарбакка эрэ, аллараа бастакы этээскэ баар баҥкамаакка түстүм. Кинилэр тугу “диктуйдуулларын” терминалга баттаан истим. Онтон эмискэ, тэһэ астарбыт курдук, өйдөнөн: “Тохтооҥ эрэ. Мантан 5 мүнүүтэлээх сиргэ сбербаан офиһа баар, онно баран чуолкайдыым...” – диэн төлөпүөммүн араардым уонна ол бааҥҥа бардым. Бааҥҥа тиийэн, толуон ылан, кэтэһэн олордум. Ол олорон, дьэ, өйдөөтүм: массыанньыктарга киирэн биэрэ сыспыппын. Хайыахпыный, уочараппын кэтэспэккэ, бардаҕым дии. Онно барытыгар 15 мүнүүтэ барбыта.

Иккис түгэн...

2023 сыл сааһыгар буолбута. Бэйэм улахан тэрээһин оҥоруохтаах этим. Биллэн турар, тэрээһин биллэриитэ тарҕанар, ыытыллар. Ол биллэриигэ тирэҕирэн, бассаапка сыыһа соҕус өйдөбүллээх нууччалыы суруйуу тарҕанна. Аһымал аҥаардаах суруйуу буолан, куйаар ситимин, бассаабы барытын ылан кэбиспитэ. Ким үөҕээччи үөхтэ, аһынааччы аһынна, “хайп”, “пиар” диэччилэр эмиэ тумнубатылар.

Дьэ, бу “суруйууну” көрөн, массыанньыктар “уһугуннулар” ээ. Буоларын курдук, билайн нүөмэриттэн эрийэн: “Эһиги нүөмэргитигэр харчынан көмө оҥороору гынабыт. Каартаҕыт нүөмэрин этиэххит дуо?” – диэн нууччалыы саҥардылар. Тэрээһиним ухханыгар сылдьар буолан, арыый сүпсүлгэннээх кэмим этэ. “Баҕар, массыанньыктаргыт буолуо, тоҕо каартам нүөмэрин этиэхтээхпиний, төлөпүөнүм нүөмэринэн билэн эрийбит буоллаххытына?” – диэн хардары ыйытааччы буоллум. “Суох. Каартаҕыт нүөмэрин уонна кодун этиҥ. Биһиги улахан сууманы ыытабыт”, – дииллэр. Ону олох итэҕэйбэтим. Инньэ гынан иккитэ, үстэ эрийдилэр. Ону анал сыһыарыыбынан киирэн көрбүтүм, “Руденко, Рудых, Клотско” диэн Сибиир эргин олорор дьон ааттара тахсыталаата.

Үһүс түгэн...

– Көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэнэн (СМИ) саптынан түөкүннүөхтэрин эмиэ сөп эбит дии.

– Эмиэ бу кэмҥэ биир хаһыаттан эрийдилэр уонна: “Эһиги тускутунан суруйууну аахтыбыт уонна матырыйаал бэлэмнээтибит”, – диэн ааҕан иһитиннэрдилэр. Ааҕан бүтүөхтэригэр диэри истэн олордум. Онтум олох даҕаны оччото суох ис хоһоонноох суруйуу буолан биэрдэ уонна эттилэр: “Эйиэхэ каарта нүөмэрин ыытыахпыт, онно эппит суумабытын ыыппатаххына, “пиардана” сылдьаргын социальнай ситимнэринэн ыыталыахпыт”, – диэн эттилэр. Төлөпүөнү ууран кэбистим. Эрий да эрий буолаллар. Аны хас эрийдэхтэрин аайы нүөмэрдэрэ уларыйа турар. Онтон нүөмэрдэригэр эрийдэхпинэ, “недоступнай” буолан хаалар.

Бу кэмнэргэ миэхэ араас саайтан, хаһыаттан “түбэспит балаһыанньабын” чуолкайын билээри эрийэ сылдьыбыттара да, эмиэ массыанньыктарга түбэһиэм диэн, куттанан ылбат этим. Ити курдук оннооҕор хаһыатынан саптынан түөкүннүөхтэрин, хаһыат, саайт аатынан сирэйдэнэн албынныахтарын сөп эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Манна эмиэ сэрэхтээх буолуохха наада эбит.

– Кэпсээн аһардыҥ дии, билэр дьонум түбэспит түбэлтэлэрэ эмиэ баар диэн.

– Оннуктар элбэхтэр. Ыарыыттан эмтэнээри үп-харчы хомуйар, баһаарга түбэспиттэр, маны сэргэ олох көһүппэтэх моһоллоругар түбэспит дьон элбэх буоллахтара.

“Харчы” диэн сэрийээли олохтоох тэлэбиидэнньэҕэ көрдөрбүттэрин саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри көрбүтүм. Бэйэм итинниккэ түбэһэ сылдьыбыт буоламмын, киинэни наһаа чугастык ылыммытым. Бу сэрийээл киһини элбэххэ үөрэтэр, толкуйдатар киинэ буолан тахсыбыта хайҕаллаах. Дьон хараҕын аһар киинэ.

Кырдьык, манныкка түбэспит киһи олоҕо кытта алдьаныан сөп эбит, өскөтүн киниэхэ илиитин уунан өйдүүр, сүбэ-ама буолар киһитэ суох буоллаҕына. Дьон барахсан уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, ырааҕы-чугаһы анаарбакка дааннайдарын этэн кэбиһэллэр, угаайыга киирэллэр. Биири бэлиэтии көрбүтүм – түөкүттэр ордук үлэ чааһын кэнниттэн, киһи дэлби сылайбыт кэмигэр, түбэһиннэрэн, 18–20 чаас икки ардыгар эрийэллэр эбит. Аны араас иһитиннэриини, ол иһигэр ыалдьыбыт дьон харчы көмө көрдүүллэрин түөкүттэр иилэ хабан ылаллара, кинилэргэ “мэҥиэ” буолуон сөп эбит. Маннык араҥалар чэпчэкитик киирэн биэриэхтэрин сөп.

Маннык түбэлтэҕэ түбэспит дьон, эрэдээксийэ аатыгар суруйуҥ, ха­һыат балаһатыгар суруйууларгытын таһаарар буолуохпут. Саҥа үүммүт сылга түөкүттэр түүлээх уллу­ҥахтарыттан босхолонуоҕуҥ, албыҥҥа-түөкэйгэ чөл өйбүтүнэн киирэн биэримиэҕиҥ! 

Кэпсэттэ
Саргылаана БАГЫНАНОВА.