Госдума дьокутааттара холуобунай тиһиккэ өлөрөр накаастабылы (смертная казнь) киллэрэргэ анал референдуму тэрийэргэ этии киллэрдилэр. Ол курдук, “Сиэрдээх Арассыыйа” баартыйа салайааччыта Сергей Миронов этэринэн, оннук референдум кэлим куоластыыр күҥҥэ, балаҕан ыйын 8 чыыһылатыгар, ыытыллыан сөп.
“Норуот санаатын аһаҕастык эттин. Ити курдук сидьиҥ быһыыны оҥорор киһийдэхтэр кинилэри туох күүтэрин билиэхтээхтэр”, – диир тойон Миронов.
Ол гынан баран, Госдума спикерэ В.Володин ити санааттан аккаастанар. Кини этэринэн, өлөрөр накаастабылы референдума да суох “Конституционнай суут быһаарытынан” төннөрүөххэ сөп. Эһиги санааҕыт?
Бэй.кэр.
Хаартыска: аһаҕас ситимнэртэн.