Киир

Киир

Намсыырга элбэх СОТ баар. Биһиги “Звездочка” СОТ диэн уруккута КГБ үлэһиттэрэ ылбыт сирдэригэр 1984 сылтан олоробут. Суола быстар мөлтөх. Гааһа, уута суоҕун этэ да барыллыбат. Хата, кэлин сыырын бульдозерынан астаран, аспааллаан абыраабыттара. Ол барыта билигин алдьанан, туруга мөлтөөн турар. СОТ-рга диэри 124-с №-дээх оптуобус нэһиилэ сылдьар. Сайын устата суолу тэҥниир грейдер сылдьыбат, быһата, суол таҥас сууйар дуоска курдук. Кыра массыына тулуйбат, куһаҕан суолтан үгүстүк алдьанар.

Тус бэйэм “суолу аспааллыахха наада” диэн көрдөһөн, куорат салалтатыгар элбэхтэ суруйдум да, наар – көлбөрүтүнүү. Кэнники сурукпар эппиэттээбиттэринэн, Намсыыр тыраага муниципальнай бас билии реестригэр суох эбит. Аны бүтэһигэр маннык суруйбуттар: “В настоящий момент планируется проведение работ по включению Намцырского тракта в перечень автомобильных дорог, расположенных на территории городского округа “Якутск”. Первый заместитель главы Е.Н. Григорьев”. Киһи өйдөөбөт.

2020 сыл алтынньы 29 күнүгэр “Туймаада” хаһыат 533-с №-гэр “Березка” СОТ чилиэнэ Л.Филиппов “Когда же появится хозяин в Якутске? диэн ыстатыйата тахсыбыта. Кини эмиэ бу Намсыыр тыраагын аспааллыырга элбэхтик туруорсар, суруйар эбит, өссө Ю.С. Коркин саҕаттан. “Барыта 40 сыл туруорустум, арааһынай эппиэти туттум. Ким да кыһаллыбат, наадыйбат”, – диир Л.Филиппов. “Баара-суоҕа 10 биэрэстэлээх суолу кыайан оҥорботулар” диэн кэлэйэр.

Атын СОТ-тар бары аспаал суоллаахтар, гааһынан, уунан хааччыллыбыттар: Маҥан, Бүлүү, Покровскай, Жатай, Нам тыраактара. Лазарь Филиппов ахтарынан, Горбачев Уларыта тутуутун кэнниттэн куорат салайааччыларынан П.П. Бородин, С.С. Борисов, А.А. Томтосов, И.Ф. Михальчук, Ю.В. Заболев, А.С. Николаев, С.В. Авксентьева олордулар. Кинилэр иннилэринэ Н.М. Семенов, И.Н. Алексеев, И.П. Толмачев, Ю.С. Коркин, В.П. Шамшин диэн кыахтаах хаһаа­йыстыбанньыктар үлэлээбиттэрин эттэ. Л.Филиппов кэнники салайааччылары хото буруйдаабат эрээри, куорат салайааччыта диэн улахан уопуттаах, кытаанах хаһаайыстыбанньык буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Саха сирин курдук баай өрөспүүбүлүкэ баара-суоҕа 10 биэрэстэлээх Намсыыр суолун аспааллаабат, кырдьык да, сааттаах көстүү!

Өрөспүүбүлүкэҕэ да, куоракка да оччолоох үп-харчы уҥа-хаҥас туттуллара, эргийэрэ буолуо. Л.С. Филиппов өссө суруйар: “Кто из них проклинал нас, я не знаю. Но знаю, что руководитель города, не заботящийся о нуждах горожан – не руководитель, а временщик для хорошей зарплаты, льгот и имиджа для продвижения по служебной лестнице”. Урут сэбиэскэй кэмҥэ социалистическай лааҕыр дойдуларыттан Чехословакия олус үчүгэй суоллааҕын-иистээҕин кэпсииллэрэ. Чехословакия Саха сирин курдук баай буолбата ини. Австрия да олус үчүгэй суоллаах-иистээх дойду. Ону сылдьыбыт киһи буолан этэбин.

Василий Хатылаевүлэ, бэтэрээнэ, сэрии сылларын оҕото, “Звездочка” СОТ чилиэнэ.