Киир

Киир

Бу сайын Арассыыйаҕа тутуу сүрүн матырыйаала 10 – 15% ыарыыр кутталлааҕын туһунан “Винзер” диэн тутуу матырыйаалын кэмбинээтин чахчыларыгар олоҕуран, “Известия” суруйар.

“Үгэс курдук, от уонна атырдьах ыйдарыгар тутуу матырыйаалын ахсаана эмискэ аҕыйыырын түмүгэр, сыаната үрдүүр. Дьон баҕатыгар хоруйдуур матырыйаалы кэмигэр хааччыйбатахха уонна сыананы тэҥнээбэтэххэ, саамай наадалаах матырыйааллар бүтүөхтэрэ. Ордук мас, сиэмэн, газоблок уонна дьиэни эпсиэйдиир матырыйаал ыарыан сөп”, – диэн тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Денис Жалнин кэпсээбит. Кини этэринэн, быйыл сайын тутуу матырыйаалыгар наадыйааччы биллэ элбэх буолуохтаах. Ол элбэх эрэгийиэн халаан уутугар баран, үгүс ыал дьиэтин-уотун өрөмүөннэнэр буолбутун уонна Арассыыйаҕа урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ, быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх ИЖС учаастак атыыламмытын кытта ситбээстээх.

“Онон, кирэдьиит ылан дьиэ туттааччылар ону учуоттуохтарын наада. Учуоттаабакка баантан кыра сууманы ылан баран, дьиэлэрин да ситэри туттумуохтарын, ол түмүгэр болдьохтоох кэмнэригэр “дьиэбит бэлэм” диэн сатаан отчуоттаабакка, бааҥҥа иэскэ ыйаныахтарын сөп”, – диир Жалнин.

ВТБ баан чахчыларыгар сигэннэххэ, ааспыт түөрт ый иһигэр Арассыыйа олохтоохторо чааһынай дьиэни туттааары 290 млрд солк. кирэдьиит ылбыттар. Ол ааспыт сыллааҕар 12%-нан үрдүк көрдөрүү.

Бэй.кэр.
Хаартыска: tinnakorn jorruang / istock

Санааҕын суруй