Киир

Киир

Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгэ сэбиэскэй кэмтэн оҕуруот олордуутунан аатырбыт нэһилиэк. Бу нэһилиэктэн  оҕуруотунан дьарыктаммыт икки улуу үлэһит  Социалистическэй Үлэ Дьоруойдара буолбуттара. Онон бу дьоруойдар түөлбэлээн үөскүүр нэһилиэктэрэ. Оҕуруоту билэр-көрөр, үүннэрэр, толкуйдаах атын дьоммутуттан мэтээлгэ-уордьаҥҥа тиксибит элбэх. Нэһилиэккэ кырдьаҕас өттө барыта оҕуруотчут.

Саха сирин тыйыс килиимэтигэр оҕуруотунан дьарыгырыы аҥардас агрономияны эрэ билии буолбатах эбит. Тэхиньиичэскэй боппуруостары, тутууну билии тэпилииссэ аһа урутаан үүнүүтүгэр эмиэ улахан оруолу оонньуур. Мөлтөх, намыһах, тыал, тымныы талбытынан күүлэйдиир тэпилииссэлээх буоллаххына, туох үүнүөй? Вентиляциятын таппатах буоллаххына, үүнээйиҥ ыалдьан, иинэн-хатан хаалыа.

Оттон саас эрдэ, күн уотун баттаһа, аныгы тэрили, тиэхиньикэни тэпилииссэ буорун, салгынын сылытар гына оҥорон туһаннаххына, оҕурсугун, помидоргун уо.д.а. үүнээйигин олох эрдэттэн ыкса күһүҥҥэ диэри сиигин.

Хаптаҕай кырдьаҕас ыаллара ону барытын таба туттаннар, оҕурсулара бэлиэр сибэккилэнэн, тэпилииссэлэригэр ас кута турар. Ити курдук сатабыл диэн, дьэ, сүрдээх. Биир атаһым керамикаттан сылытар билиитэлэри туттубут.

“Дириҥ” кэпэрэтиип тэпилииссэтигэр үүнээйи үүнэн ырааппыт. Буорун, салгынын уунан сылыталлар. Элбэх үүнүүнү ыларга тэхиньиичэскэй быһаарыы урутаан оҥоһулуннаҕына табыллар.

Атын өттүттэн толкуйдаан көрдөххө, үүнээйи эрдэ үүнэрэ эр киһиттэн быһаччы, өссө улахан тутулуктаах. Тэпилииссэтин таба оҥорон, сылытар, сырдатар систиэмэни толкуйдаан, эр киһи олоххо киллэрэр. Тутуутун, сылытыытын  быһааран, буора тымныы сиртэн үрдүккэ турарын оҥорон, уунан хааччыллыытын быһааран, оҕуруотчут кыыска-дьахтарга бэлэмнээн үөрдүөхтээх, санаатын көтөҕүөхтээх. Оччоҕо оннук бэлэмҥэ сиэмэни бырах да, үүнээйи ханна барыай, хамсыы-хамсыы үүнүө.

Оннук күөх быкпытын, оҕуруот аһа ас куттаҕына ыал үөрүүтэ үксүө, тапталлара күүһүрүө. Дьахтар эр киһитинэн киэн туттуо. Булугас, айыгас өйүн хайгыа, сыллыы-ууруу сылдьыа, дьиэ кэргэн бөҕөргүө.

Федот Харитонов.
Хара, Мэҥэ Хаҥалас.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар