Киир

Киир

“Мегафон” хампаанньа түргэн тэтимнээх интэриниэтин ситимэ Горнай Аһыматыгар, Орто Сурдугар, ону тэҥэ Бүлүү Дьөккөнүгэр уонна Үөһээ Бүлүү Тамалакааныгар киирдэ. Ити нэһилиэктэргэ барыта икки тыһыынчаттан тахса киһи олорор.

Мантан антах Аһыма, Орто Сурт, Дьөккөн уонна Тамалакаан олохтоохторо баан сиэрбистэринэн, судаарыстыба уонна өрөспүүбүлүкэ электроннай өҥөлөрүнэн хааччаҕа суох туһанар, социальнай ситиминэн биидьийэни-хаартысканы ыытар, мэһэйэ суох кэпсэтэр, киинэни көрөр, муусуканы истэр буоллулар.

Аны туран, Аһыма, Дьөккөн уонна Тамалакаан “Бүлүү” федеральнай суол кытыытыгар турар буоланнар, үчүгэй хаачыстыбалаах сибээһинэн айанньыттар эмиэ туһаныахтара.

“Саха сиригэр 4G сибээһи сыыйа, уочаратынан сайыннара сатыыбыт. Болҕомтону киин куораттан тэйиччи сытар сирдэргэ уурабыт. Былырыын “Мегафон” аныгы ситимин Үрүҥ Хайаҕа, Улахан Ааҥҥа, Булуҥҥа уонна Томторго киллэрбиппит”, – диэн “Мегафон” Саха сиринээҕи салаатын сайааччыта Наталья Некрасова кэпсээтэ.

Бэй.кэр.
Хаартыска: “Мегафон”.

Санааҕын суруй