Бэс ыйыгар Саха сирин олохтоохторо икки күн эбии өрүөхпүт. Бастакы күн – Арассыыйа күнүгэр, иккис күн – Ыһыахха.
Быйыл Арассыыйа күнэ судаарыстыбаннай бырааһынньык нэдиэлэ ортотугар, сэрэдэҕэ, түбэһэр. Онон ити күн сынньаныахпыт. Оттон бырааһынньык иннинээҕи оптуорунньукка, бэс ыйын 11 күнүгэр, үлэ күнэ биир чааһынан кылгаан биэриэҕэ.
Бэс ыйын 21 күнүгэр саха омук төрүт бырааһынньыга (сиэрэ-туома, итэҕэлэ) – Ыһыах бэлиэтэнэр. Ити күн бээтинсэҕэ түбэһэр. Онон, үс күн субуруччу өрүүр үтүө нэдиэлэ буолуоҕа. Ол гынан баран, сынньалаҥ-өрөбүл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэргэ булгуччулаах. Чааһынай, федеральнай тэрилтэлэр уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара ити күн үлэһиттэрин өрөтөллөрүн-суоҕун бэйэлэрэ быһаараллар.
Бэй.кэр.
Хаартыска: “Ситим” медиа-бөлөх.