“Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ” диэн национальнай тохсол чэрчитинэн ыытыллыбыт бүтүн Арассыыйатааҕы талыы түмүгүнэн, Саха сириттэн дьон-сэргэ сылдьар 32 түөлбэтин таллылар (общественные пространства). Олору барытын тупсарыахтара, чөлүгэр түһэриэхтэрэ, саҥалыы оҥоруохтара. Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, ити барыта өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин көхтөөх дьайыытынан ситиһиллибит.
“Барыта 67 тосхол киирбититтэн, 32-тин таллылар. Бу – улахан ситиһии. Талыыга былырыыҥҥыттан икки төгүл элбэх, 124 623 киһи, кытынна”, – диэн Айсен Николаев суруйбут.
Кыайыылаах түөлбэлэр-түһүлгэлэр манныктар (общественные пространства):
- Алдан улууһа: Алдан куораттааҕы Кыайыы паарката; Томмокко буойун биир дойдулаахтар пааматынньыктара; Аллараа Кураанахха Култуура уонна сынньалаҥ паарката;
- Үөһээ Бүлүү улууһа: Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин кытыла; Дүллүкүгэ “Дьоруой Ийэлэр искибиэрдэрэ”; Үөдүгэйгэ “Күҥкү” паарка (3 түһүмэх), Намҥа Руф Кардашевскай уулуссатын 2/1 дьиэтин таһыгар оҕо сынньанар уонна успуорт былаһааккалаах искибиэр; Хоро нэһилиэгин кытыла;
- Бүлүү улууһа: Бүлүү куорат “эргэ куората”;
- Өймөкөөн улууһа: Томторго Обручев уулуссатыгар бульвар;
- Кэбээйи улууһа: Кэбээйи нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүт сэрииһиттэргэ аналлаах пааматынньык; Сайылыкка “Дьулуур” успуорт уонна култуура паарката; Сангаарга Ленин болуоссата;
- Ленскэй улууһа: Ленскэй куоракка “Ойуур” паарка (2 түһүмэх);
- Мииринэй улууһа: Мииринэй куоракка В.И. Ленин аатынан болуоссат (Ленин болуоссатыттан Киров шоссетыгар диэри сатыы дьон сылдьар сирдээх); Удачнайга Хомсомуол болуоссата; Айхалга скейт болуоссата; Чернышевскайга “Вилюйские Огни” култуура дьиэтин таһынааҕы дьон сылдьар сирэ;
- Нам улууһа: Намҥа Доҕордоһуу болуоссата;
- Нерюнгри улууһа: Нерюнгри куоракка Албан аат искибиэрэ; Беркакитка БАМ бастакы тутааччыыларын паарката; Чульмаҥҥа Кыайыы искибиэрэ;
- Ньурба улууһа: Ньурба куоракка Степан Васильев уулуссата;
- Өлүөхүмэ улууһа: Өлүөхүмэ куоракка Кыайыы болуоссата;
- Таатта улууһа: Дмитриан Попов аллеята;
- Томпо улууһа: Хаандыга бөһүөлэгин кытыла;
- Уус Майда улууһа: Уус Майда бөһүөлэгэр Алдан өрүс кытыла;
- Чурапчы улууһа: “Дьикти саас” искибиэр;
- Хаҥалас улууһа: Покровскай куоракка манастыыр күөлэ; Мохсоҕоллоох кытыла;
- Дьокуускай: Ытык Сир паарка; Ю.А. Гагарин аатынан искибиэр.
“Талыыга кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталбын тиэрдэбин! Аны ити талыллыбыт сирдэр-түөлбэлэр бырайыактара оҥоһуллуо. Саха сирин көхтөөх олохтоохторо ити тосхоллор олоххо киириилэригэр уонна сайдыыларыгар кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбин”, – диэн Ил Дархан анаан бэлиэтээбит.