Киир

Киир

2024 сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр барыта 4 718 оҕо төрөөбүт. Онтон 55 оҕото – игирэ, биирэ – үс игирэ.

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ толоруулаах былаас отчуотун кэмигэр эппитинэн, дойдуга оҕо төрөөһүнэ бүттүүн аҕыйыы турар кэмигэр ити куһаҕана суох, биир тэтим үчүгэй көрдөрүү.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр аҥаардас бу сыл ыам ыйыгар 956 кырачаан күн сирин көрбүт. Онтон 493-һэ – кыыс, 463-һэ – уол.

Ыам ыйыгар төрөөбүт уолаттарга быдан элбэхтик Артем, Дархан, Лев, Тимур, Михаил, Арылхан, Эркин уонна Александр диэн ааттары иҥэрбиттэр. Оттон кыргыттары, сүрүннээн, София, Виктория, Ева, Кира, Милана, Мия, Аделина уонна Алиса диэн сүрэхтээбиттэр.

Санатар эбит буоллахха, былырыын Саха сиригэр барыта 11 087 оҕо төрөөбүтэ. Онтон 111 оҕото игирэ, биирэ – үс игирэ этэ.

Бэй.кэр.
Хаартыска: «Королевство кривых зеркал» / Горькай аат. киинэ устуудьуйата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар