Өлүөхүмэ оройуонугар саҥа оптоволокно лииньийэтин ситимин олоххо киллэрии бырайыагын чэрчитинэн ыстаал бүрүөһүннээх оптическай ситими сиргэ дириҥэтэн көмүү ыытыллар.
Оптоволокно ситимэ (ВОЛС)
Санатар буоллахха, көмүс хостуур “НордГолд” хампаанньа 2023 сыл бүтүүтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Инновацияны сайыннарар пуондатын кытта үбүлээһин дуогабарын түһэрсэн, “Токко–Бэс Күөл–Тээнэ” морсуруутунан оптоволокно ситимин тардыыны барыта 170 мөл.солк. үбүлээбитэ.
Бырайыак эпэрээтэрэ – өрөспүүбүлүкэтээҕи “АрктикТелеком” хампаанньа. Оптоволокно ситимэ 2024 сыл бүтүүтэ үлэҕэ киириэхтээх.
“Биһиги өрөспүүбүлүкэҕэ төһө да айылҕа көстүүлэрин кытта сибээстээх уустуктар баалларын үрдүнэн, үлэ бара турарыттан үөрэбит. Түргэн интэриниэт ыраах, суоллара куһаҕан бөһүөлэктэргэ госуслуганы ыларга, үөрэнэргэ, быраастар сүбэлэрин ыларга, аймахтары кытта кэпсэтэргэ, быһата, сибээскэ тахсарга көмөлөһүөҕэ – олохтоохтор өрөспүүбүлүкэ атын куораттарыгар уонна нэһилиэктэригэр номнуо киирбит уонна туттулла сылдьар өҥөнү туһаныахтара. Бу сүҥкэн улахан суолталаах бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ көмүс хостооһунун 100 сыллаах үбүлүөйүгэр олоххо киирэн эрэриттэн үөрэбит”, – диэтэ “НордГолд” Дьокуускайдааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Андрей Варламов.
Билигин кабелы сиргэ дириҥэтэн уура сылдьаллар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга тирэх мастары туруоран эрэллэр, ону кытта ситими “муфталарынан” холбуу сылдьаллар.
“Технология бырассыаһын мэхэньисээссийэлээх холуонналар толороллор, ол састаабыгар ситими тардааччылар, состорор лебедкалар, үүттүүр массыыналар үлэлииллэр. Билигин нэһилиэнньэлээх пууннар икки ардыларыгар WDM технологияҕа олоҕурбут, ханаалы спектральнай өттүнэн бөҕөргөтөр оптоволокно лииньийэтин ситимин олохтуу сылдьаллар. Бу технология оптоволокно ситимин аһарар кыаҕын төһө эмэ улаатыннарар, тоҕо диэтэххэ, хас да сигналы эбии волокнолары туһана сатаабакка ыытарга кыах биэрэр. Аһарар кыамтата сөкүүндэҕэ 1 Гбит”, – диэтэ “АрктикТелеком” АУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Сергеев.
Лииньийэни тутуу баар нэһилиэктэргэ тиэрдэр массыына суолун уонна “автозимник” кытыытынан уурулла сылдьар. Оптическай хаабыл ыстаал бүрүөһүннээх, тас дьайыыттан төһө баҕарар көмүскүүр кыахтаах.
“НордГолд” пресс-сулууспата.