Сахаларга былыргыттан "Көмүстээх тайҕаҕа баран көнөн кэлбит" диэн көннөрү дьон олоҕуттан атын тыыннаах, үгүөрү үптээх эрээри кутталлаах сиргэ толлубакка үлэлээн кэлбит дьону сөҕө махтайа кэпсииллэрэ.
Билигин саха эр дьоно баахта ньыматынан үлэлииллэрэ күннээҕи көстүү. Оттон дьахтар киһи баахтаҕа сылдьара хайдаҕый?
"Анаабыр Аламаастара" АУо үлэһиттэри дьаһайар, аттарар сулууспатын салайааччыта Северина Тарасова:
- Биһиги тэрилтэбитигэр үлэһиттэр үгүстэрэ тыа сиригэр олорор дьон. Тэрилтэбитигэр билигин 2213 киһи үлэлиириттэн 115-һэ дьахтар. Дьахталлар үгэс курдук офис үлэтигэр куоракка үлэлииллэр. Урут бириискэлэргэ дьахтар үлэлии барбатын тэҥэ этэ. Билигин кэм сайдан олорор усулуобуйа тупсан, 19 дьахтар бириискэлэргэ: 7 дьиэ-уот сууйааччы, 9 ас астааччы, 3 санитарнай гигиенаны көрөөччү дуогабардаһан үлэлии сылдьаллар, - диэн кылгастык иһитиннэрдэ.
Салгыы номнуо бириискэҕэ үһүс баахтатыгар кэлбит фельдшер идэлээх Мария Дьяконованы көрсөн ыйыталастым.
-Уус Алдаммын. Үөрэхпин бүтэриэхпиттэн, 2009 сылтан, бастаан дойдубар Түүлээх нэһилиэгэр, онтон 2016 сылтан Тиит Арыы акушер-фельдшер пуунугар 2023 сылга диэри үлэлээн баран, кэм ухханыгар киирэн да диэххэ сөп, идэбинэн эрээри арыый атын эйгэ дьонун хайдах үлэлииллэрин билээри-көрөөрү, баахтанан үлэҕэ кэпсэтэ кэлбиппэр Широких Юрий Николаевич: “Баахта усулуобуйатыгар олорон үлэлии барар бастакы медик дьахтар буолаҕын, онон эн үлэҕиттэн дьахталлары бу үлэҕэ үлэлэтэрбит- үлэлэппэппит быһаччы тутулуктаах” диэн тута эппиэтинэс сүктэрбитэ.
Онон, ыһыах эрэ иннинэ "Молодо" бириискэтигэр кэлэн, тэрилтэ тэриллибитэ 25 үбүлүөйдээх сылын көрсөр ыһыах тэрээһинигэр үлэм таһынан күүһүм дьоҕурум тиийэринэн кыттыспытым. "Молодо" бириискэтэ сүрдээх түмсүүлээх кэлэктииптээх диэн түмүккэ кэллим. Манна икки повар, икки дьиэ сууйааччы, миигинниин биэс дьахтар үлэлиибит. Араас саастаахпыт, араас сиртэн сылдьабыт. Эр дьон кэпсэтэргэ, дьыаланы быһаарсарга судургулар.
Баахта олоҕо биир күдьүс барар буолан, дьахтар мэлдьи туох эрэ түбүктээх, хамсааһыннарга кыттыһа сырыттаҕына, кини бириэмэни билбэккэ аһарар. Бэйэҕэ өр кэмҥэ бүктэххэ, муунтуйуу үөскүөн сөп. Уонна дьахтарга саамай сүрүнэ – дьиэ кэргэнин, чугас дьонун өйөбүлэ буоллаҕа дии, – Мария Степановна үлэ кэнниттэн теннискэ күрэхтэһэн үөрэрин-көтөрүн быыһыгар санаатын үллэстэр.
Татьяна Брызгалова, асчыт:
- Биһиги аан бастаан Молодо бириискэтигэр 2021 сыллаахха икки дьахтар буолан кэлбиппит. Ол иннинэ идэбинэн оҕо уһуйааныгар ас астааччынан уһуннук үлэлээбитим. Биллэн турар, аан бастаан эр дьон эйгэтигэр оҕо, дьахтар эйгэтиттэн киирэн үлэлиир уратылардаах. Ирдэбиллэр эмиэ атыттар, үлэ чэпчэкитэ суох, өрөбүл көрүллүбэт, ол гынан баран хамнаһа үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Манныкка, мин санаабар, бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта тапсыы, үлэлиир усулуобуйаҕын ылыныы ирдэнэр. Оччоҕо сыыйа баахта биллибэт саҕахтарын арыйан, үөрэнэн бараҕын. Баахтаҕа аһатар, бииргэ олорор, бииргэ үлэлиир дьонуҥ тугунан тыынарын билиэхтээххин, ылыныахтааххын, сороҕор ким ханнык миини сөбүлүүрүн, төһө кэриҥнээх порцияны кутаргын кытта билэр буолаҕын, үлэлээн бардаххына, - диэн санаатын үллэстэр Татьяна Николаевна.
Түмүктээн эттэххэ, баахтаҕа даҕаны саха аныгы дьахталлара үлэлээн, дьиэ кэргэннэрин бүддьүөтүгэр үгүөрү үбү аахсаллара хайҕаллаах. Холобура, Мария Степановна кэтэх хаһаайыстыбатыгар уон ыанар ынахтаммыт, оттуур тиэхиньикэтин толору булуммут.