Үөһээ Бүлүү Хоротун элбэх оҕолоох ыалларыттан биирдэстэрэ Тамара, Борокуоппай Бөтүрүөптэр ыал буолан, алаһа дьиэ тэринэр кэмнэригэр дойду үрдүнэн уларыта тутуу салгына, онтон сэбиэскэйдии олохтон аныгылыы олоххо тиэтэлинэн уларыйыы тыа сирин дьонугар элбэх уустуктары үөскэппитэ.
Ыал аҕа баһылыга Борокуоппай килиэп астааччынан, ийэлэрэ Тамара бэтэринээринэн үлэлээн, оттоон-мастаан, икки харыларын күүһүнэн сэттэ оҕону тыа ыалын сиэринэн үлэһит дьон гына иитэлээн таһаарбыттара. Оҕолор улаатан атахтарыгар туралларын саҕана сайдыы тэтимнээх саҕахтарыгар аны бөдөҥ бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр баахта ньыматынан үлэлиир уххан тиийэн кэлбитэ.
Дьэ, манна ини-биилэр Тихон, Алик, Анатолий, Денис, Прокопий, бэл икки күтүөт Киэсэлэр – бары "Анаабыр Алмаастара" АУоҕа араас идэҕэ үлэлииллэр. Холобура, Тихон – хонтуораҕа, Алик – электрикаҕа сыһыаннаах дизелист, Анатолий – сантехник, күтүөт Киэсэлэр – суоппардар, Прокопий –тутааччы, кэлин аламаас сепараторыгар үөрэнэн сепараторщик, Денис –фабрикаҕа сепараторщик идэлэригэр уһуйуллан күн бүгүн үлэлии-хамныы сылдьаллар.
Баахтанан үлэлииллэрин быыһыгар биһиктэрин ыйаабыт сирдэригэр Хороҕо баран оттоон-мастаан кэлэллэр эбит. Алик, Анатолий дойдуларыгар дьиэ-уот туттан, аныгылыы солбуһа баахталаан, тыа да сиригэр олорон баахтаҕа үлэлиэххэ сөбүн тус холобурдарынан көрдөрөллөр.
Үлэни өрө тутан, элбэх оҕолонон, сэниэлээхтик олоруу - дойду ыытар бэлиитикэтин биир тутаах хайысхата.