Киир

Киир

Үлэни көтүтэр “ытыктанар төрүөттэр” диэҥҥэ айылҕа саахала-иэдээнэ, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллиитэ, ыарыы уонна чугас, аймах киһи өлүүтэ киирэллэр. Ол туһунан Судаарыстыбаннай Дуума үлэҕэ кэмитиэтин чилиэнэ Светлана Бессараб кэпсиир.

Хотун Бессараб этэринэн, киһи үлэлиир сиригэр түөрт чаастан ордук кэм иһигэр кэлбэтэҕинэ, “борогуул” бэлиэтэниэн сөп. “Онон, түөрт чаастан уһуур, өр буолар буоллахха, тэрилтэ салалтатыгар хайаан да биллэриэххэ наада”, – диир дьокутаат.

Бу сайын “Рамблер” оҥорбут ыйытыга көрдөрөрүнэн, Арассыыйа олохтоохторо үксүгэр сайынын борогууллууллар эбит. Ыйытыкка барыта 17 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт. Онтон 49%-на “халлаан сылыйда да, киһи үлэлиирин сүрэҕэлдьээн барар” диэн билиммит.

Бэй.кэр.
Хаартыска: ria.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар