Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитэ. Ол гынан баран, ЗАГС чахчыларыттан көрдөххө, хомойуох иһин, ыал арахсыытын ахсаана өссө элбээбит.
Ол курдук, сыл бастакы аҥаарыгар Арассыыйа барытын үрдүнэн 360 тыһыынча ыал баар буолбут, оттон 318 тыһыынча ыал – арахсыбыт. Итинэн сылыктаатахха, уон ыал үөскүүр, аҕыс – арахсар эбит.
Уопсайынан, Арассыыйа аан дойдуга саамай элбэх ыал арахсар үс дойдутун иһигэр киирэр. Сылга 1 тыһыынча киһиэхэ 3,9 арахсыы тиксэр. Биһигини арай Казахстан (4,6) уонна Малдьив арыылара (5,52) эрэ куоһараллар.
Сорох эспиэрдэр этэллэринэн, элбэх арахсыы биир сүрүн төрүөтэ – оҕо харчыта уонна босуобуйа. Кинилэр: “Дьахталлар оҕолорун бэйэлэрэ иитэр аҥаардас дьахталларга бэриллэр судаарыстыба босуобуйаларын ылаары арахсаллар”, – дииллэр.