(Ыарыһахтар түргэнник үтүөрэр буоллулар. Балыыһаҕа сытар кэмнэрэ кыччаата)
Бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология диспансерын искэни эминэн эмтээһин уонна онкогинекология отделениелара тэриллибиттэрэ 35 сылын туолар.
Бэнидиэнньик күн саҥа уораҕайы көрө-истэ, сонун-нуомас билээри Пётр Алексеев уулусса 89/5 аадырыска тиийэбин. Киирээппин кытары, киэҥ-куоҥ фойеҕа утары кэлэн туох наадаҕа кэлбиппин ыйыталаһан соһуттулар. Маннык “сервискэ” үөрэммэтэх киһи соһуйдум, мух-мах бардым, ол да буоллар “Балыыһаларга дьону көрсүү култуурата баар буолан эрэр эбит” диэн үөрдүм. Сирдээн илдьэн, наадалаах кэбиниэппэр тиэрдэн биэрдилэр.
Искэни эминэн эмтээһин балысханнык сайынна
Феодосия ИВАНОВА, м.н.к., СӨ доруобуйа харыстабылыгар штаты таһынан кылаабынай онколога, СӨ Онкологтарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Онкология диспансерын искэни эминэн эмтиир отделын салайааччыта:
Искэни эминэн эмтиир отделение (урукку аата – химиотерапия) уонна онкогинекология тэриллибиттэрэ 35 сыллаах үбүлүөйэ бу күннэргэ бэлиэтэнэр.
1989 сылтан химиотерапия отделениета диэн ааттаах 30 куойкалаах, 12 үлэһиттээх этибит. Билигин отделениебыт кэҥээн, 3 отделениелаах. Искэни утары эминэн эмтиир 1-кы №-дээх отделение 30 куойкалаах, маны сэргэ искэни утары эминэн эмтиир 2-с №-дээх отделениелар суукканы эргиччи үлэлииллэр. Искэни утары эмтэнии күннээҕи стационара (дневной стационар) аһыллан үлэлиир. Күннээҕи стационарга ыарыһахтар кэлэн систиэмэлэрин, эмтэрин ылаллар уонна бараллар. Бу – күннээҕи стационар, Аан дойдуга курдук, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ сайынна. Ол курдук, дьон хиимийэ тэрэпиийэни, атын даҕаны эмтэниини, иммунотерапияны, таргетнай тэрэпиийэни үчүгэйдик тулуйаллар, ол иһин таһыттан сылдьан ылаллар. Оннооҕор сорох ыарыһахтар үлэлии-үлэлии эмтэнэр буоллулар. Сылын аайы күнүскү стационарга эмтэнэр дьон ахсаана элбиир. Онон бу – искэн ыарыытын эминэн эмтээһин сайдыытын биир хайысхата.
Саамай үөрүүлээҕэ – хиимийэ тэрэпиийэ, иммунотерапия – барыта эминэн эмтээһин. Бүтэһик 10–15 сылларга искэни эминэн эмтээһин балысханнык сайынна. Ол курдук, мин 30-тан тахса сыл анараа өттүгэр үлэлии кэлэрбэр искэн ыарыыны эмтииргэ 10-ча эрэ эмп баар буоллаҕына, билигин 200–300-тэн тахса эмп көрүҥэ баар буолла. Кэнники 4–5 сылга Арассыыйа фармацевтическай бырамыысыланнаһа наһаа сайынна. Арҕаа дойдулар сааҥсыйанан сабыллан хаалбыттара. Онон “куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ” дылы туох баар омук эмтэрэ барыта кэриэтэ Арассыыйа иһигэр оҥоһуллар кыахтаннылар. Ону таһынан бу эмтэр хаачыстыбалара, дьон эми тулуйар буолбута туох даҕаны уратыта суох уонна үчүгэйэ диэн омук эминээҕэр Арассыыйа оҥорон таһаарар эмтэрин сыаналара удамыр уонна элбэх “рандомизированнай” чинчийии көрдөрөрүнэн, үчүгэйдик туһалыыр, дьон тулуйар эмтэрэ. Маны наука дакаастаан турар. Онон инникитин искэни эминэн эмтиир хайысха сайдар.
Урукку өттүгэр искэн ыарыыта “баар эбэтэр суох” диэн туруорар буоллахпытына, билигин ыарыыны гистологиянан чинчийэн, туох-баар мутациятын барытын быһаарар буоллубут. Мутация көрүҥэ элбэх. Ханнык эрэ мутация “положительнай” буоллаҕына, атын эмтэр ананаллар. Бу – чопчу (индивидуализация) искэҥҥэ быһалыы дьайан, кыччатар, аччатар эмтээһин, ыарыы тэнийиитин (метастаз) суох гынар, этин-хаанын барытын ыраастыыр. Онон искэн аччаан, төттөрү баран, 3-с, 4-с стадияҕа ыалдьыбыт дьон үйэлэрэ уһуур. Оттон кыра стадия буоллаҕына, үтүөрэн да хаалыахтарын сөп. Бу искэн көрүҥүттэн тутулуктаах. Онон ыарыы “мутациятын”, ыарыһах анаалыһын, туругун көрөн, чопчу эмтиибит.
Урут химиотерапевт быраастар биһиги отделениеҕа 2 эрэ буоллахтарына, билигин 7 терапевт үлэлиир. Үлэһиттэрбит барыта эдэрдэр. Арассыыйа таһымнаах онкология институтугар клиническай ординатураны ааспыт буоланнар, таһымнара, билиилэрэ-көрүүлэрэ, мин салайааччы быһыытынан сыаналыыр буоллахпына, сүрдээх үрдүк. Маны сэргэ биһиги химиотерапевт быраастарбыт араас таһымнаах Арассыыйа, тас дойдулар былаһааккаларыгар дакылааттары, лиэксийэлэри ааҕаллар, уопуттарын үллэстэллэр. Ол курдук, аҕыйах хонуктааҕыта Арассыыйаҕа ыытыллыбыт онкология кэнгириэһигэр бэйэм кыттаммын, искэни эминэн эмтээн ыарыһах үтүөрэрин билиһиннэрбитим. Маннык түгэннэри нэһилиэнньэҕэ элбэхтик, аһаҕастык билиһиннэрэбит.
Эпэрээссийэ 48%-на лапароскопическай ньыманан оҥоһуллар
Моника СТРУЧКОВА, онкогинекология отделениетын сэбиэдиссэйэ, онколог-быраас:
– Отделениебыт 30 куойкалаах. 35 сыл анараа өттүгэр арыллан үлэлиир. Аан бастаан тэрийбит киһи Л.С. Ларионова буолар. Былырыын кини үбүлүөйүгэр анаан кэмпириэнсийэ буолбута. Дьахтар ууһуур уорганыгар тахсыбыт искэни эмтиибит, эпэрээссийэлиибит. Билигин 4 быраас үлэлиир. Күн аайы 4–5 ыарыһах киирэ турар уонна оччо киһи эмтэнэн, этэҥҥэ буолан тахсаллар. Кыра эпэрээссийэни ааспыттар түргэнник балыыһаттан тахсаллар, улахан эпэрээссийэни ааспыттар уһуннук сытан эмтэнэллэр. Нэдиэлэҕэ 10–15 эпэрээссийэ оҥоһуллар.
Билигин аныгы технологиянан оҥоһуллубут тэриллэр (оборудование) буолан эпэрээссийэ 48%-на лапароскопическай ньыманан, ол эбэтэр улахан хайа быһыыта суох, кыараҕас хайаҕаһынан (разрез) эпэрээссийэ оҥоробут. Онон ыарыһахтар түргэнник чөллөрүгэр түһэллэр. Ыарыһахтарбыт үксүлэрэ – аҕам саастаах дьон. Маннык эпэрээссийэ улахан ыйааһыннаах дьоҥҥо табыгастаах. Эмтэнэн тахсан баран, 3 ый буола-буола биһиги поликлиникабытыгар кэлэн көрдөрүнэллэр. Онно 2 онкогинеколог быраас үлэлиир. Кинилэр кэтээн көрүүлэригэр сылдьаллар. Ыарыылара бэргээтэҕинэ эмтэрин уларытан биэрэбит. Сорох эпэрээссийэ кэнниттэн химиотерапияҕа сылдьар.
Ыарыы сыл аайы элбии турар. Учуонайдар билгэлииллэринэн, инникитин өссө даҕаны элбии турар чинчилээх. Тоҕо? Бастатан туран, нэһилиэнньэ уһуннук олорор буолла. Холобур урут орто саас 70 буоллаҕына, билигин 80 сааска тиийдэ. Онон нэһилиэнньэ төһөнөн уһуннук олорор даҕаны, оччонон бу ыарыыга ылларыан сөп. Ыарыы элбиириттэн куттанар сатаммат. Билигин диагностика, оборудование тупсан, ыарыыны кэмигэр булар буоллубут. Искэн ыарыыта сыстыганнаах буолбатахэрээри ким баҕарар ыалдьыан сөп. Биричиинэтэ элбэх. Биир сүрүн биричиинэтэ – табахтааһын уонна арыгылааһын.
Бүгүҥҥү туругунан, онкология сулууспатын үчүгэй үлэлээх эрэгийиэнигэр киирэбит. Ол курдук, ыарыыны эрдэ диагностикалаан, скрининнээн, ыарыы эрдэ булуллан, өлүү бырыһыанын ахсаанын аччаата.
Сүрүн сыалбыт-сорукпут – өрөспүүбүлүкэҕэ өлүү ахсаанын аччатыы. Сыл аайы быһа холоон, 2700 ыалдьыбыт дьону булабыт. Онтон өлүү көрдөрүүтэ 1200 кэриҥэ буолар.
Ол эрээри сүрүн кыһалҕабыт – эрдэтээҕи диагностиканы кыайа иликпит. Биричиинэтэ элбэх. Суолбут-ииспит мөлтөҕө, улахан сирдээх-уоттаах буоламмыт, нэһилиэнньэ ыраах сиринэн, дэриэбинэнэн олорор. Искэн ыарыытыгар ылларбат туһуттан хас биирдии киһи бэйэтин көрдөрүнэ сылдьыахтаах. Билигин дойду үрдүнэн сүрдээх күүстээх диспансеризация хампаанньата бара турар. Манна төлөпүөнүнэн мэдиссиинэ үлэһиттэрэ нэһилиэнньэни ыҥыраллар. Ону үксүлэрэ “бокуойа суох аатыран” кэлбэт түгэннэрэ баар суол. Ол иһин диспансеризацияны өрөбүл күннэргэ кытта оҥорор буоллулар. Манны ыарыы бары көрүҥэр анаалыстары туталлар, бэрэбиэркэлииллэр. Онно, дьэ, “группа риска” ыарыылаахтары булаллар.
Ыарыыны эрдэ булар сыалтан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас бырайыагы, хампаанньаны оҥоробут. Ол курдук, 2020 сыллаахха хамсык ыарыыта үгэннээн турдаҕына, “ОНКОПОИСКСАХА.РФ” скрининг бырагырааманы өрөспүүбүлүкэҕэ киллэрбиппит. Онно 6 нозологияны көрөллөр: тыҥа, быар, эмиий, самах быччархайа (предстательная железа), колоректальнай уонна дьахтар мааткатын искэннэрэ. Манна дьон аҥкыатаҕа эппиэттииллэр. Онтон быйыл кулун тутар ыйтан “Мамино здоровье” диэн эмиэ сүрдээх үчүгэй бырайыак саҕаламмыта. Манна эмиий уонна дьахтар мааткатын искэнэ киирсэр. Өрөспүүбүлүкэ бары дьахталлара аҥкыата толороллор, көмпүүтэр бырагырааматыгар киирэллэр. Бу икки бырагыраама сүрдээх үчүгэйдик үлэлээн саҕалаата. Онон мантан инньэ ыарыыны эрдэттэн буларга төһүү күүс буолара саарбахтаммат. Ол курдук, ыарыыны 1-кы, 2-с стадиятыгар булар бырыһыаммыт лаппа тубуста.
Быйыл олунньуга сабыс-саҥа, үчүгэй мэдиссиинэ тэриллэрдээх (оборудование) Уһук Илиҥҥэ уонна Сибииргэ суох Онкология диспансера аһылынна. Бу биллэн турар, Арассыыйа уонна Саха сирин бырабыыталыстыбата улахан болҕомтолорун уураннар олоххо киллэрдилэр. Саамай сыаналааҕа – тэриллэрбит буолаллар. Барыта “эспиэр кылаастаах” КТ, МРТ, эрэнгиэн диагностическай тэрил, 6 эпэрээссийэ саалатыгар барыта куосумаска курдук экирээҥҥэ көстө турар. Толору сэбилэммит эпэрээссийэ саалаларыгар биһиги хирурдарбыт, омуннаабакка эттэххэ, түүннэри үлэлииллэр. Хас да симиэнэнэн эпэрээссийэни оҥороллор, онон киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр. Билигин үрдүк технологиялаах аппаратуралар баар буолан, кып-кыра хайаҕаһынан “точечнай” ньыманан киирэн, бүтүн искэни ылан кэбиһэр буоллулар. Иһин-үөһүн хайытан хаан-сиин буолбакка, ыраастык, түргэнник үтүөрэр буоллулар. Ыарыһах балыыһаҕа сытар болдьоҕо аччыыр. Онон маннык үрдүк таһымнаах хирургия көмөтө ыарыһахтарга табыгастаах буолла. Ордук бүөр, тыҥа, ис уорган искэннэригэр оҥороллор. Онон аныгы технологиянан аппаратура тупсубута – үлэбит биир ситиһиитэ.
Быһайын манна ыытыллыбыт кэмпириэнсийэҕэ Москуба, Томскай курдук научнай кииннэртэн кэлбит биир идэлээхтэрбит “наһаа да үчүгэй усулуобуйаҕа үлэлиир эбиккит” диэн сүрдээҕин ымсыыран барбыттара. Онон улахан, үчүгэй уораҕайга киирэммит үлэбит-хамнаспыт эмиэ тубуста.
Бэйэҥ да көрбүтүҥ буолуо, киирэ түһээти кытта, хас биирдии киһини көрсөн, арыаллаан, наадалаах сиригэр тиэрдэн, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Онон сылдьыбыт эрэ барыта “Кэриэйэ килииньикэтинээҕэр үчүгэй кииннэммиппит” дииллэр.
Радиология отделениета – уотунан эмтээһин, сардаҥанан тыктарыы. Манна эмиэ сардаҥа тэрэпиийэтин биэрэр аныгы тэриллэр тураллар. Манна туочуканан искэни эрэ тыктараллар, аттыгар баар уорганы, эти-сиини таарыйбаттар. Онон радиология барыта сайынна.
Эһиил сайын 2025 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ Онкология диспансера тэриллибитэ 75 сылын бэлиэтэнэр. Бу кэм устата онкология сулууспата үлэлээн кэлбит үлэтин-хамнаһын көрдөрүөхпүт. Ол курдук, ыарыыны эрдэттэн булуу, өлүү ахсаанын аччатыы – үлэбит сүрүн сыала-соруга.
Диспансер үлэтин-хамнаһын билистэ Саргылаана БАГЫНАНОВА.