Киир

Киир

РФ Ойуур кодексын 30-с ыстатыйатынан Арассыыйа олохтоохторо тус наадаларыгар мас кэрдэллэрэ көҥүллэнэр.

Бүгүн бу туһунан сиһилии СӨ Экологияҕа, ойууру туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин Ойуур хаһаайыстыбатын дэпэртээмэнин кылаабынай исписэлииһэ Варвара Июльевна Фёдорова “Кыымҥа” анаан кэпсиир.

fedorova

Маһы кэрдэргэ туох докумуон нааданый?

РФ Ойуур кодексын 30-с ыстатыйатынан, олохтоохтор маһы тус наадаларыгар кэрдиэхтэрин сөп. Урут олохтоохтор мас кэрдэллэригэр ойуур билиэтэ бэриллэр буоллаҕына, 2006 сылтан бэттэх ол тохтотуллубута, билигин маһы атыылаһыы туһунан дуогабар түһэрсиллэрэ ирдэнэр.

Бастатан туран, тус наадатыгар мас кэрдиэн баҕалаах дьон СӨ Экология министиэристибэтин “подведомственнай” тэрилтэлэригэр, о.э. оройуоннааҕы лесничестволар нөҥүө маһы атыылаһыы туһунан дуогабар түһэрсэллэр. Сайаапканы “Госуслуги” саайт көмөтүнэн эмиэ ыытыахха сөп.

Бэлиэтээн эттэххэ, олохтоохтор сайаапкаларын олорор сирдэринэн эрэ буолбакка, мас кэрдиэхтэрин баҕарар сирдэригэр эмиэ ыытыахтарын син. Холобур, Дьокуускай олохтооҕо Хаҥалас улууһугар мас кэрдиэн баҕарар, оччотугар кини куоракка мас кэрдибэтэҕин туһунан ыспыраапкалаах Хаҥалас лесничествотыгар тиийэр.

Дуогабар түһэрсэргэ пааспар куоппуйата, сири бас билии уонна олорор дьиэ-уот докумуоннара наадалар.

Төһө мас кэрдиллэрэ көҥүллэнэрий?

- Дьиэ тутуутугар. Биир киһи дьиэ туттарыгар 200 кууп маһы 20 сылга биирдэ кэрдэрэ көҥүллэнэр. Бу 200 куубу кини бэйэтин кыаҕынан үс сыл устата кэрдиэн сөп.

- Гараас, баанньык, сарай тутуутугар. Тиэргэн иһигэр кыра тутууларга биир киһиэхэ 50 кууп мас 10 сылга биирдэ көҥүллэнэр.

- Даача уонна оҕуруот учаастагар тутууга биир киһиэхэ 20 сылга биирдэ 50 кууп мас бэриллэр.

- Бүтэй, күрүө, сарай, уо.д.а. тутуутугар биир киһи 10 сылга биирдэ 30 кууп маһы кэрдэргэ дуогабар түһэрсиэн сөп.

- Сайылыкка тутуу үлэтин ыытарга биир киһи 5 сылга биирдэ 100 кууп маһы кэрдэрэ көҥүллэнэр. Манна сайылык сирэ эһиги бас билиигит буоларын туоһулуур докумуон ирдэнэр.

- Киһи олорор дьиэтин, гарааһы, баанньыгы уонна даача, оҕуруот сирдэригэр баар дьиэни, атын кыра тутуулары өрөмүөннүүргэ биир киһи 3 сылга биирдэ 30 кууп маһы кэрдэрэ көҥүллэнэр.

- Ону тэҥэ олорор дьиэни отторго сылын аайы биир киһи 30 кууп маһы кэрдиэн сөп. Ол аата, дьиэ кэргэн сокуоннай сааһын сиппит хас биирдии чилиэнигэр бэриллэр. Олохтоох дьаһалтаттан бу ыал дьиэтэ оһоҕунан оттулларын туһунан ыспыраапканы эбэтэр дьиэ тех-пааспарыттан сыһыарыыны аҕалыахтаахтар.

- Дьиэ таһынааҕы тутуулары отторго сылын аайы 30 кууп маһы кэрдэр көҥүллэнэр.

- Оттон даача, саад, оҕуруот сиригэр баар дьиэни уонна атын кыра тутуулары отторго сылын аайы 15 кууп маһы кэрдиэххэ сөп.

- Маны таһынан үүтээҥҥэ оһох отторго сылын аайы 5 кууп маһы кэрдиэххэ сөп. Ол эрээри бу үүтээн хайаан да докумуоннаах буолуохтааҕын санатабыт.

Даҕатан эттэххэ, Уһук Илин гектарын ылбыт дьон тус наадаларыгар мас кэрдэллэрин көҥүллүүр сокуону киллэрэр үлэ бара турар.

Маһы кэрдэргэ төлөбүр, чэпчэтиилэр

Төлөбүрэ СӨ Бырабыыталыстыбатын 2007 с. сэтинньи 22 күнүнээҕи 467-с №-дээх уурааҕынан ааҕыллар. Биир мас сыаната кээмэйиттэн, боруодатыттан уонна төһө ыраах сиргэ кэрдэллэриттэн тутулуктаах.

Холобур, бу күһүн Дьокуускайга бортобуой УАЗикка тиэллибит оттук мас сыаната ортотунан 13 000 –14 000 солк. буоллаҕына, дуогабар түһэрсэн бэйэтэ кэрдэрэ быдан барыстаах буолар. 

СӨ мас сыаната 2020 сылтан – хамсыгынан, онтон анал байыаннай дьайыынан сибээстээн, үрдүү илик. Ону тэҥэ олохтоохтор сорох араҥаларыгар чэпчэтии көрүллэр. Ол курдук, 50 % чэпчэтии: 1) Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэригэр уонна атын бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарыгар; 2) I уонна II курууппалаах инбэлииттэргэ, инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ; 3) тыа сиригэр олорор биэнсийэлээхтэргэ; 4) айылҕа быһылааныттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо (олорор дьиэлэрин уонна дьиэ таһынааҕы тутууну сөргүтүүгэ); 5) элбэх оҕолоох ыалга; 6) оҕо иитэр ыалга; 7) РФ сиринэн сырыылаах Арктика зонатыгар киирэр СӨ МТ-гэр олорор дьоҥҥо; 8) 2022 с. олунньу 24 күнүттэн АБДь сылдьар (сылдьыбыт) байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэригэр; 9) АБДь хантараагынан сылдьар (сылдьыбыт) олохтоохтор дьиэ кэргэннэригэр; 10) 2022 с. балаҕан ыйын 21 күнүттэн АБДь мобилизациянан сулууспалыы сылдьааччылар дьиэ кэргэннэригэр.

Ону тэҥэ, сайаапкаларын “Госуслуги” нөҥүө ыыппыт дьоҥҥо 30 % чэпчэтии көрүллэр.

Бу этиллибит чэпчэтиилэр бэйэ-бэйэлэригэр эбиллибэттэр. Чэпчэтиини туһанар дьон тустаах докумуоннарын көрдөрүөхтээхтэр.

Уот турбут сиригэр ордубут мас уонна сылбах

Сылбах, “валежник” диэн силиһэ үөһэ тахсан, ойуурга охтон сытар мас. Маннык маһы дьон туох да көҥүллүүр докумуона суох бэйэ туһанарыгар хомуйан ылыахтарын сөп. Онтон ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит мас туһунан этэр буоллахха, маннык сиргэ ойууру чинчийии аага толоруллан, мас “умайбыт” диэн бигэргэммит буолуохтаах. Оччоҕо олохтоохтор босхо дуогабар түһэрсиэхтэрин сөп.

Ойуурга кэрдиллэн баран сытар мас элбэх буолааччы, онуоха олохтоохтор “мээнэ сытар мас” диэн саныыр түгэннэрэ баар буолар. Кэрдиллибит мас хайаан да хаһаайыннаах, докумуоннаах буолар, ол иhин ыйылаталаһан баран биирдэ ылыахха сөп. 

Сыл бүтүүтэ эһиил төһө мас кэрдиллиэхтээҕэ ааҕыллар. Уонна төһө мас атыыламмыта уонна кэрдиллибитэ учуоттанар. Ол курдук СӨ 2022 сылга – 600 тыһ. тахса кууп мас, 2023 сылга – 500 тыһ. тахса кууп атыыламмыта. Быйылгы 9 ый түмүгүнэн, 400 тыһ. тахса мас атыыламмыт.

Көрөргүт курдук, маһы кэрдии сылын аайы кыччаан иһэр. Бу төрүөтэ Сахабыт сирин нэһилиэктэригэр гаастааһын күүскэ бара турара буолар.

Бэлэмнээтэ Мария САННИКОВА.

Сэҥээриилэр

Николаев Николай Вла
0 Николаев Николай Вла 02.12.2024 13:52
Дорооболоруҥ, тоҕо сыанатын ыйбатыгыт? Категориятыган арааран.
Ответить

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар