Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Семья” ийэ хапытаала аҥаардас үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ эрэ буолбакка, төрдүс, бэһис уонна ол кэннэ төрүүр оҕолорго эмиэ ананар буолуоҕа. Ити туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Анал туһаайыытыгар эттэ. Онон, “Дети столетия” тус сыаллаах хапытаалы кытта тэҥҥэ аахтахха, 2025 сылтан төрдүс уонна ол кэннэ төрөөбүт оҕолоох ыалга 433 000 солкуобай бэриллиэҕэ.

“Мин санаабар, түөртэн элбэх оҕону төрөтөргө быһаарынар ыалларга сиэрдээх сыһыаны сөргүтэр кэммит кэллэ. Өрүспүүбүлүкэтээҕи “Семья” ийэ хапытаалын аҥаардас үһүс эрэ оҕо буолбакка, төрдүс, бэһис уонна ол кэннэ төрүүр оҕолорго эмиэ ананыахтаах. СӨ бырабыыталыстыбатыттан бэрт кылгас кэм иһигэр туһааннаах сокуон барылын оҥоро охсоругар, оттон норуот дьокутааттара ону чугастааҕы сиэссийэҕэ ылынаргытыгар көрдөһөбүн. Саҥа бэрээдэк 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэлиирин курдук”, – диэтэ Ил Дархан.

Даҕатан эттэххэ, 2025 сылга элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиини көрөргө анаан барыта 2 млрд кэриҥэ солкуобай тыырыллыахтаах.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА  

Санааҕын суруй