Киир

Киир

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр Кыайыы 80 сылынан сибэстээн, биир кэмнээх көмө быһыытынан, иккилии мөлүйүөн солкуобайы биэриэҕэ. Бүгүҥҥү туругунан, Саха сиригэр тоҕус бэтэрээн олорор.

Итини таһынан, Ил Дархан ыйааҕынан, үбүлүөйдээх сылга биир кэмнээх төлөбүрү нэһилиэнньэ өссө маннык араҥата ылыахтаах: Ленинград болокадатын олохтоохторо, бэйэтин кэмигэр сокуоннай саастарын туолбакка сылдьан геттоларга, конц-лааҕырдарга муҥнаммыттар, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоро – 80-нуу тыһыынча солк.; тыыл бэтэрээннэрэ – 50-нуу тыһыынча солк.; сэрии сылын оҕолоро – 5-тии тыһыынча солкуобай.

Үөһэ ахтыллыбыт төлөбүрдэр олунньу 20 күнүгэр диэри түһүөхтэрэ. Миниистир Е.Волкова иһитиннэрбитинэн, төлөбүрү ыларга ханна да тиийэн сайабылыанньаны суруйар ирдэммэт.

Бэй.кэр.
Хаартыска:  СИА

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар