Ону таһынан, көрүллүбүт төлөбүрү туһанар суол элбиэҕэ. Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыал элбэх оҕолоохторунан ылбыт сирдэрин оннугар ылар харчылара 100 тыһыынча солкуобайынан эбиллиэҕэ. Ол туһунан олунньу 10 күнүгэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
“Ил Дархан сорудаҕынан бырабыыталыстыба быһаарыытын бырайыагын бэлэмнээтилэр. Ол чэрчитинэн, элбэх оҕолоох ыаллар сир оннугар 300 тыһыынчаны ылыахтарын сөп буолла”, – диэн министиэристибэ суруйар.
Бэй.кэр.
Хаартыска: СИА