СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин балаҕан ыйын 15 күнүнээҕи чахчытынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 366 593 гаалаах сир охсуллубут, онно 398 310 туонна кэбиһиллибит (урулуоннаммыт). Ол эбэтэр, сыллааҕы былаан 92 бырыһыан туолбут. Итини таһынан быйыл 25 тыһыынча туонна сиилэс угуллубут (106%), 8,9 тыһыынча туонна сенаж бэлэмнэммит (66%).
Санатар эбит буоллахха, бу сайын өрөспүүбүлүкэ отчуттара барыта бачча кээмэйдээх сүөһү аһылыгын бэлэмниэхтээхтэр: от – 434,3 тыһыынча туонна; сенаж – 13,4 тыһыынча туонна; сиилэс – 24 тыһыынча туонна. Министиэристибэ барыллаан ааҕарынан, быйыл от былаана 94% туолуохтаах (410 тыһыынча туонна). Быйыл өссө 15,5 тыһыынча туонна кур оттоохпут.
Бүгүҥҥү туругунан от былаанын толордулар: Жатай – 129%, Өлүөхүмэ – 113%, Амма – 111%, Үөһээ Бүлүү – 100%, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан – 101-дии бырыһыан.
Быйыл Саха сиригэр окко 175 мобильнай биригээдэ тэриллибитэ. Кинилэр уопсайа 25 тыһыынча туоннаны, ол эбэтэр былаан 58%-нын, оттоотулар.

