Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, улуустарга ыһыы үлэтэ былаан быһыытынан бара турар.
Барыта 10 733 гаа иэннээх сиргэ араас култуура ыһыллыбыт (былаан 87%-на): эбиэс – 7490 гаа, сэлиэһинэй – 1187 гаа, ньэчимиэн – 2010 гаа, кыстыыр оруос – 45 гаа. Сүөһү аһылыга 18 899 гаалаах сиргэ (былаан 58%-на) ыһыллыбыт: биир сыллаах от – 6231 гаа, элбэх сыллаах былырыын ыһыллыбыт от – 12 273 гаа, элбэх сыллаах быйылгы ыһыы от – 394 гаа. Хортуоппуйу 5453 гааны (былаан 85%-на) олордубуттар. Аһаҕас буорга олорор атын оҕуруот аһын – 961 гааны (былаан 70%-на).
Быйыл Саха сиригэр барыта 52,6 тыһ. гаа иэннээх тыа хаһаайыстыбатын култуурата ыһыллыахтаах: туораахтаах – 12,4 тыһ. гаа, сүөһү аһылыга – 32,4 тыһ. гаа, хортуоппуй – 6,4 тыһ. гаа, бааһынаҕа үүнэр оҕуруот аһа – 1,4 тыһ. гаа.
