Санатан эттэххэ, алтынньы 10 күнүгэр түүн 3:20 ч. (21:20 мск) «Якутия» АХ Сухой Суперджет-100 сөмөлүөтэ 414-с рейсын толоро сылдьан, Дьокуускай аэропуордугар түһээри көтөр балаһаттан туораабыта. Сөмөлүөккэ 91 пассажир уонна 5 экипаж чилиэнэ баар эбит.
Онон сибээстээн, Дьокуускай аэропуорда сабыылаах турбут кэмигэр, Чугастааҕы рейстэр Нерюнгри оройуонун Чульман аэропуордугар көһөрүллүбүттэрэ. Билигин «Якутск» аэропуорт арыллыбытын туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан дьаһалтатын пресс-сулууспата биллэрэр.