400 -чэкэ пассажир Дьокуускайдааҕы аэропуорт сабыллан, Чульмаҥҥа хаайтаран олорор. Бачча элбэх киһи аэропуорт көрөр саалыгар өр кэм устата турарга күһэлиннэ. Кинилэр ханна хоноллоро өссө даҕаны биллэ илик.
Чульманнааҕы аэропуорт дириэктэрэ Николай Бойченко ТайгаПост суруналыыһыгар бүгүҥҥү балаһыанньа туһунан маннык кэпсээбит:
- Бүгүн Москубаттан уонна Санкт-Петербууртан Дьокуускайга көтөн иһэр 400-чэкэ пассажир «Нерюнгри» аэропуордугар кэлэн түспүтэ. Биһиги аэропуорпут бачча элбэх киһини батарар кыаҕа суох. Ол иһин Нерюнгри оройуонун дьаһалтата оптуобуһунан дьону «Юность» уонна «Серебряный бор» култуура дьиэлэригэр илдьэргэ көмөлөстө. Пассажирдары сылаас аһынан аһаттыбыт. Ороскуоту «Якутия» АХ төлүөҕэ.